Page 43 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 43
Оһуорданан көстөр.
Дэйбиирдээх оҕолор
Дэллэриһэн иһэллэрин курдук
Сэдир хахыйах мастара
1450 Сэмдэйдэһэн тураллар,
Чаачардаах оҕолор
Далларыһан иһэллэрин курдук
Чараҥ ойуурдара
Сампайдаһан барбыттар,
Тууһут оҕонньоттор
Ньохчоруһан иһэллэрин курдук
Лоскуй-лоскуй үөттэрдээх,
Имииһит эмээхситтэр
И эҕэлд ьиһ э - ку оҕалдьыһ а
1460 Олороллорун курдук
Элэҥ-сэлэҥ иирэлэрдээх,
Саар дьахталлар
Сиэттиһэн иһэллэрин курдук
Чаллах хатыҥнардаах,
Уолан дьон
Ойуоххалаһан* иһэллэрин курдук
Уһун дьылхан харыйалардаах,
Тойон дьон
Субуруһан туралларын курдук
1470 Суон чаллах тииттэрдээх,
Хайа эмэ
Сир сиксигиттэн
Сириэдийэн кэлбит
Үгүс элбэх
Өрүкүйэр сүүрүктээх
Үмүрүччү тардан киирэр
Үрэхтэрин төрдүн
Өйдөөн көрбүтэ —
Өркөн өтүүнү
1480 Субуйа тарпыт курдук
Үтүөмсүһэн көстөллөр эбит.
Илин өртүнэн
Эргиччи көрөн кэбиспитэ —
Мэнээк таба кыылларым
Мэҥийэн иһэллэрин курдук
Мэлэгэй сыгынньах тумуһахтар
Мэҥилгэннээх мэлэгэйдэриттэн,
Эттээх атым
- 39 -

