Page 46 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 46

Куладьыйар хонноҕор,
                    Көрүлүүр көмөҕөйүгэр,
                    Көй киинигэр,
                    Көмүс үргүнньэҕэр,
                    Үтүө сирин
              1580  Үрүҥсүнньүгэр,
                   Ааттаах сирин
                   Араҕас таһаатыгар,
                    Кураҕаччы сүүрэр хонуутугар,
                   Уһун уорҕатыгар,
                   Унаарар состуойугар,
                   Орто курбуһаҕар,
                    Улуу ураанньыгар.
                   Эрийэлии тигэн иилээбит,
                   Сарбынньахтыы тигэн
              1590  Намчааһыннаабьгг,
                   Ураһалыы тигэн ойоҕостообут,
                   Арыьшаах араҥас туос
                   Арыы мэһэмээнин
                   Умсары уурбут курдук
                   Арыы-чаалай
                   Булгунньах үрдүттэн
                   Аҕыс салаалаах
                   Айыы-баҕах
                   Аар Луук Мае
              1600  Аҥаарыччы үүнэн турар эбит.
                      Үөһээ өртүн
                   Өрө көрөн таһаарбыта
                   Үрдүк былыт
                   Үрүт соһуутун
                   Үөһэ өртүнэн
                   Өтөрү үүнэн тахсан иһэн,
                   Кыскыйар тыалыттан,
                   Саталаах салгынытган
                   Лабыктам таммалыа,
              1610  Туорааҕым туруттуо,
                   Сэбирдэҕим сиксиллиэ диэн,
                   Тохтоон чугуйан,
                   Сэбирдэҕиттэн силбэһэн,
                   Туорааҕыттан тутуһан,
                   Тоҕус үрэх баһыйар
                   Торҕо чаран' буолан,
                   Тунуйан үүнэн барбыт эбит.

                                  -    42  -
   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51