Page 59 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 59

Күөс бөҕөнү
                   Күдүөрүччү күөстээтилэр,
                   Сандалы ман ан
                   Остуолу тартылар.
                   Оһуор-дьэрэкээн
                   Өлбөҕү* уурдулар,
                   Уруйдуу тоһуйарга
             2140  Уолан дьон бэртэрэ
                   Оҥостон эрэллэр.
                   Эйигин арыаллаары,
                   Эһиэккэстээх* үчүгэй
                   Эдэркээн кыргыттар
                   Элбээбит этилэр, — диэтэ да,
                   Үрүҥ хомурах курдук
                   Үмүөрүһэн турар
                   Үөр сылгы ортотутар
                   Өрүкүс гынан хаалла.
             2150  Инньэ гынарын кытта
                   Иһиттиэм-истибэтиэм диэтэ,
                   Алаатыыр Ала Туйгун
                   Ойон турда.
                   Багдайан көстөр
                   Баараҕай балаҕан диэки
                   Байым-сайым дайбаата.
                   Бадьыр-идьир үктэннэ,
                   Баһыах-иһиэх хаамта,
                   Ниһир-наһыр тэбиннэ.
             2160  Дьилискэннээх дьилиэ маҥан
                   Тэлгэһэлэрин ортотутар
                   Тиийэн кэллэ.
                   Айыылаах киһи
                   Аттыгар барбат,
                   Буруйдаах киһи
                   Букатын чугаһаабат
                   Үрдүгэр өксөкүүлээх,
                   Сиэллээх дэйбиирдээх,
                   Тоҕус томторҕолоох
             2170  Тойон баадай сэргэлэрин
                   Тоҕус үрэх баһа
                   Дуораһыйыар дылы
                   Тоҥсуйан дьабырытта.
                   Ону истээт,
                   Хантан да

                                   -    55  -
   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64