Page 61 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 61
Сэттэ чиэппэр холобурдааҕы
2220 Кэтэҕинэн сэгиччи
Анньан таһаарда.
Балаҕаннарын буора
Бытарыйа түстэ,
Бэйэтэ да
Бэркиһэнэ санаата,
Хайа дайды
Халыан киһитэ,
Туох дойду
Дохсун оҕото кэлэн,
2230 Дьиэбитин-уоппутун
Сууллараары гыннаҕай диэннэр,
Толооһургуу көрүөхтэрэ
Сүөргүлүү саныахтара диэн,
Сототун бөтөҕөтүгэр уйдаран,
Нүксүччү туттан,
Нүһэр ыалдьыт быһыытынан
Нөрүйэн олордо.
Бу орто
Аан ийэ дойдуга
2240 Уу харахтаах,
Утары ньуурдаах,
Уһаты уллуҥахтаах
Урааҥхай сахалар
Олохсуйан олорор
Ордууларын-уораҕайдарын
Хайдах оностон
Олороллор эбит диэн,
Эргиччи корон кэбиспитэ —
Дьиппинийбэтин диэннэр,
2250 Сир ийэ чэҥнээх булууһуттан
Тирэннэрэн тураннар,
Сэттэ уон чиргэл тиитинэн
Тирээбиилээбиттэр эбит.
Тулхатыйбатын диэннэр,
Тоҥ булуус буортан
Тобулута тирэннэрэн,
Тоҕус уон суон тиитинэн
Тулааһыннаабыттар эбит.
Орто дойдуттан
2260 Кой салгын көҥү охсуо диэннэр,
Бүтэй мөҥүрүк
- 57 -

