Page 56 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 56
Төбөм эргийдэ,
Кытыйаҕа кырыата,
Хамыйахха хаарда,
Удьараҕа уута
Омуттара охсуҥ, — диэт,
Тарайа уҥан хаалла.
2010 Сэттэ кыталык
Кыыс дьахталлар
Тибигирэһэн кэлэннэр,
Сэттэ уһаты күрдьэҕинэн
Кэлтэччи баһан киллэрэннэр,
Холоҥсолоох хотон
Хотугу муннугар
Түөрт былас төгүрүмтэлээх
Чөмөхтөнө сытар саахха
Төбөтүн оройунан
2020 Тобулу бырахпыттара,
Кини обургу-дьаалы
Албастаах кубулҕата
Быһар быһаҕаһынан
Быһа ыстанан,
Икки маҕан кутуруктаах
Аҥаа чоху буолан
Кутуруга муоһа суох
Куочай кугас ынах
Эмэһэтин үүтүгэр
2030 Сылып гынан хаалар.
Бэйэтэ буоллаҕына
Туос томторук тутуурдаах,
Сарбынньахтаах үрүө татылҕалаах,
Сабарай чабычах кыбыныылаах,
Кыллаах ыаҕас тоҥонохтонуулаах
Хотон улаҕатын диэки
Сүүрэн талыгырыы турда.
Онуоха буоллаҕына
Тобугуттан тардыстан,
2040 Туруйалаан турар
Толомон Суорун оҕонньор:
— Бу баҕайы,
Тугу, тугу тойугулаата.
Сорук Боллур уол
Ыраах сиртэн
Ыалдьыт кэлбит буоллаҕына
- 52 -

