Page 64 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 64
Дьэрэкээн-эрэкээн ньилбэх,
Байым-сайым самыы,
2350 Байҕа-дайҕа хаампыт
Эйгэн-тэйгэн эмиий,
Ибир-сабыр кэпсэппит,
Эйэҥ-сайаҥ ыллаабыт,
Ийбиэ-дайбаа,
Эйэҥ-ходьоҥ,
Иһил-таһыл,
Иһирдьэ-таһырдьа,
Мылас-илэс
Омулукаан -чомолукаан,
2360 Оһох төрдүнэн
Хаҥас диэкинэн
Хотон түгэҕэр тиийэ
Субуруһан барбыт,
Сэттэ уон сэттэ
Аргыдал кыталык кыыл курдук
Кылбаҥ сулумах
Кыыс дьахтар
Кэргэннээхтэр эбит.
Туе кэтэҕириин олорор
2370 Толомон Суорун оҕонньор:
— Нохолоор,
Ыраах сиртэн ыалдьыт
Кэллэ дуу, бадаҕа.
Ылыҥ эрэ, икки халтаһабын
Арыйа тардан
Көрдөрүҥ эрэ, — диэтэ.
Онуоха тоҕус субан
Туруйа уолаттар,
Тоҕус куба маҕан тардыаҕы
2380 Сулбу тардан ыланнар,
Үөһээ халтаһатын
Өрө иилэн баран,
Үтүөлэрэ үрүҥ сүнньүттэн,
Бэртэрэ кэтэҕин оҥхойуттан
Тэбинэ-тэбинэ
Тиэрэ тартылар.
Сэттэ кыталык
Кыыс дьахталлар
Сэттэ кыыда маҕан
Кыраабылынан
- 6 0 -

