Page 84 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 84
Чүүччэйэ сатаан кэбистим да,
Сөптөөх эрэ дьүһүннээҕи
Төрүт булан көрбөккөбүн,
Төннөн түспүтүм.
Аллараа дойдуга киирэммин,
3210 Атыйахтаах уу курдук
Аамайдаан тураммын,
Аналлаах доҕор буолуох
Анал дьахтары
Адьаһын булбакка,
Аҥаардаһынан төннүбүтүм.
Бу орто дойдуну
Тордуйалаах уу курдук
Долгуһутан тураммын,
Кэрийэ сатаан кэбиспитим.
3220 Бэйэбэр эрэ сөптөөҕү
Мэлигир булбатаҕым.
Туспа-туспа дойдулар
Туналрннаах ньуурдаахтара
Доҕор оҥостоорой диэннэр,
Суолбар-аартыкпар
Тоһуйан тураннар,
Тохтуу түс диэннэр,
Дорообо биэрдэхтэринэ,
Туоппахтыы санааммын
3230 Туора хааман аастахпына,
Сулана-ытаһа хаалаллар этэ.
Эҥин араас дойдулар
Эйэҕэс хааннаах,
Элэккэй майгыннаах,
Эриэккэстээх үчүгэй
Эдэркээн кыргыттар
Иннибэр-кэннибэр тоһуйан,
Эйэлээх доҕор оҥостоору,
Иҥиэттэ сатыылларын
3240 Итэҕэстэр дии санаан,
Элбэҕи сиритэлээн ааһарым
Энэлиһэ-туоһа хааллаллара
Ити курдук
Элбэҕи сирэн,
Үгүһү сүүмэрдээн,
Үс дойду
Үтүө дьүһүннээҕиттэн,
- 80 -

