Page 86 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 86
Кимиэллээх соҕус
Киэҥ дьэҥкэ куолаһынан
Ырыа ыллыы турда:
— Дьиэ буо,
Дьиэ буо!
Сиэмэх гиэнэ бэрдэ
Сиир дэриэтинньик
Буолан бараҥҥын эбиитин
Сымыйаччы идэлээх эбиккин.
3300 Адьарай бөҕө
Атамаана буолан бараҥҥын
Албын кэпсээннээх эбиккин.
Тэгил дойдуттан
Тэҥнээхпин булумуна
Сирэн испитим дии-дии да,
Сирэйгиттэн-хараххыттан көрдөххө,
Сириттэн-хайыттан түһэҥҥин,
Силээхтэ соҕус кыргыттар
Бэйэҕин сириэхтэригэр сөп эбит.
3310 Соллоруйан-иллэрийэн түһэҥҥин,
Айыы кыргыттара
Аттыгар кэлэллэрин хоппотум.
Кырасыабай дьүһүннээх,
Кыстык тэтэркэй имнээх
Кыыс оҕолорбутун эйиэхэ
Кыбыннаран ыытыахпыт суоҕа,
Күн айыы дьонугар
Көҥүлгүнэн түүрэйдээҥҥин,
Күөстэнэн аһаабыккын,
3320 Суолга-аартыккатоһуйан,
Тутан сииргин
Тохтоторбут буолуо.
Урукку өртүгэр
Соҕотоҕун даллаҥнаабыккынан
Суоһурума, куттаама,
Ааспыт дьылларга
Аҥаардастыы баһылаабыккынан
Алыс арбаныма,
Адьарай бөҕө атамааттарын
3330 Атаххытын адаарытан
Аҕыйатарбыт буолуо.
Көстүбэт боҕо күтурдээхтэрин
Көхсүгүтүн түппүйэлээн
82
-

