Page 102 - Неизвестное название
P. 102
Айахпын салбанан
А11ыы иликпин,
Тутум сиргэ
Чугутуом су05а,
4030 Харыс сиргэ
Халбарытыам cyoija,
Сибилигин тута
Сиикэйдии уобан
Симэһиҥҥин оборуом,
Сылаастыы ыйыстан
Тылыкынарым буолуо, — диэтэ.
Онуоха буоллавына
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
Саманнык диэн,
4040 Саҥа саҥара турда:
— Дьиэ-буо, дьиэ-буо!
Аллараа дойду
Аатырар-сурадырар
Алаа Моҕуһа
Аартыкка тоһуйан
Адылыйан турарын истэн,
Аҕыс тоҕойдоох
Айдаан айан суолун
Устатын тухары
4050 Аттаран-ыйдаран
Айаннаан кэллим.
Эн диэтэх киһи
Харгыйбыккын тотороору,
Хатырбыккын аҥыныахтаары,
Хоой хостуурдаах,
Хоннох аһардаах,
Илии тутуурдаах,
Өттүк харалаах,
Төргүү сүөрэрдээх,
4060 Лөкө сүгэһэрдээх
Тиийэн кэллим.
Уон тарбах
Өһөгөйдөөх уунуутун уунуом,
Биэс тарбах
Мэнэгэйдээх биэриитин
Мэлтэччи биэриэм,
Аһаабатах амтаннаах аскын
Астынар гына аһатыам,
-99-

