Page 105 - Неизвестное название
P. 105

Көҥкөлөй көдүс киһи
                      Көппөҥнөөн хааллым.
                      Көрөдүен, көрбөккүн! — диэн баран,
                      Күкүр хайа курдук
                      Күр гына сууллан түстэ.
                4160 Алаа Модус
                      Атаҕа адаарыйан,
                      Агдаката дагдайан,
                      Баһынан-атаҕынан хойуостанан,
                      Төттөрү-таары бүгүлэхтээн,
                      Өлөр мөхсүүтүн мөхсөн,
                      Хайыр тааһы күл курдук
                      Үнтү төкүнүйдэ,
                      Дэриэспэ таастар
                      Дэлбэритэ барар гына,
                4170 Тиэрэ-маары эргийдэ,
                      Суорба тааһы
                      Togyra тэбиэлээтэ. *
                      Тустуулаах Дьуруо Бөдө
                      Ийэтин кылыһынан
                      Алаа Модус
                      Моонньоох баһын
                      Быһа охсон,
                      Сир ийэ
                      Чэҥнээх булууһугар тиийэ
                4180 Хайа охсон,
                      Нэбирис гыннаран*,
                      Кэбиһэрин кытта
                      Алаа Модус төбөтө бадайы
                      Харадын көрбүтүнэн,
                      Айадын аппытынан
                      Утары төкүнүйэн,
                      Ойуоккалаан эрдэдинэ,
                      Төбөтүн оройунан
                      Хайа дайбаан кээспитэ —
                4190 Икки тыһылаах атыыр
                      Хаххан буолан
                      Тараҕай таас хайа
                      Төбөтүн диэки
                      Өрө көтөн даллаҥнаһан
                      Тахсан бара турдулар.*
                         Тустуулаах Дьуруо Бөдө
                      Солоҥдо тураҕас атын үрдүгэр

                                     - 102 -
   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109   110