Page 109 - Неизвестное название
P. 109

Аҕыс субурҕа атахтаах,
                        Сэттэ сарадах кутуруктаах,
                        Үс хос оботтоох,
                  4330 Соллоҥ хара төбөлөөх
                        Өлөр өлүү
                        Луо бэһэрик
                        Күлгэри үөн
                        Тус иннигэр түһэн,
                        Иэнинэн таһыйбахтаан
                        Бүгүйэхтэнэ сытта.
                        Бу халлаан бөҕө
                        Хараарар хамсыга
                        Түстэҕэ дуу,
                  4340 Сир түтэҕиттэн
                        Сидьшг үөнэ
                        Күөрэйдэҕэ дуу,
                        Былыт быттыга
                        Быстан түстэҕэ дуу,
                        Ап чалахай байдал
                        Аптаах абааһыта
                        Сатыылаан таҕыста дуу диэн,
                        Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
                        Этэ тарта,
                  4350 Иэнэ кэдэрийдэ,
                        Куйахата күүрдэ.
                        Иккиһин көрүүтүгэр
                        Тимир иннэ курдук
                        Тэһитэ харбыыр
                        Тэгиэ хара тыҥырахтаах,
                        Чупчулҕаннаах оботтоох,
                        Уһун лүксүүр
                        Сойуо хара тумустаах,
                        Сэттэ былас
                  4360 Тимир чапчыыр тыллаах,
                        Үҥүү-батас курдук
                        Үөрбэ-долоҕоһун түүлээх,
                        Титирик ураһа саҕа
                       Тимир-бороҥ
                        Чөҥчөҥө кыыл буолан,
                        Өрүтэ ойуоккалаата,
                        Үөһээ-аллараа көтүөлээтэ,
                        Илин-арҕаа диэки
                        Иҥнэри-таҥнары эргийтэлээтэ,

                                      - 106 -
   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114