Page 163 - Неизвестное название
P. 163
Мээнэ быгыахтатан,
Күҥҥэ күүлэйдэтэн,
Билэринэн мэнээхтэтэн,
Биллэрэн-көрдөрөн кэбистэхпинэ,
Туспа дойдулар соллоҥноро,
6740 Сулумах дуолан бухатыырдара
Туналҕаннаах үтүө
Сураҕар ымсыыран,
Тута былдьаһан,
Сутулу туруоруохтара,
Чиэрэс дойдулар
Дьиэрбэнньик диэлимэрдэрэ
Сыыһа-халты туттаран,
Уоран-талаан бараннар,
Улахан айдааны
6750 Уһун сутулу оҥоруохтара.
Онон эбит буоллаҕына
Хаһан да
Харахтаахха көрдөрбөккө,
Кулгаахтаахтар га иһ итиннэрбэккэ,
Муруннаахха сытырҕалаппакка,
Күҥҥэ көрдөрбөккө,
Саһыарар-кистиир
Санаалаах сылдьабын.
Нойон киһиэ, — диэтэ.
6760 Онуоха буоллаҕына
Тустуулаах Дьуруо Бө§ө
Саманнык диэн
Саҥа саҥара турда:
— Дьиэ-буо, дьиэ-буо!
Күндү солун
Күтүөт оҕо барахсан,
Кырдьык даҕаны
Кэргэн туһугар
Кичэл тутуулаах,
6770 Көмүскэллээх сүрэхтээх
Амыраххынан алыс,
Эйэҕэскинэн эриэккэс
Эбиккин быһыылаах.
Ол гынан баран
Оҕо Ньургустай
Орто туруу дойдуга
Күндэлэс күннээх,
- 162 -

