Page 24 - Неизвестное название
P. 24

Содуллаах төрүөттээх,
                         Содуомнаах илбистээх,
                         Сордоох соболоҥноох
                         Чупчурҕан хара удьуордара
                         Торҕон суор курдук
                         Чуубурҕаһа-чуубурҕаһа,
                         Чуҥнаан көрө-көрө,
                         Дьулайан-куттанан,
                    680 Төттөрү дьүгэлийэн,
                         Сүтэн-иҥэн,
                         Төрүт биллибэт
                         Буолбуттар эбит.
                         Къшһар былыт дьэрэкээннээх,
                         Күдэрик былыт үллүктээх,
                         Кырыа хаар ыһыахтаах,
                         Кур муус эркиннээх,
                         Кыыдааннаах салгыннаах,
                         Кыскыйар тыаллаах,
                    690 Кыһыырар саталаах,
                         Күдэриктээх буурҕалаах,
                         Күүстээх силлиэлээх,
                         Курааһы дойдулаах,
                         Хобдох сирдээх,
                         Кубарыйар өҥнөөх,
                         Курааһы маҥан халлаан
                         Хотугу түгэҕэр
                         Хорҕолонон үөскээбит
                         Куордаах куодаһыннаах,
                    700 Хохтоох холоҥсолоох,
                         Сомоһуннаах илбистээх
                         Хобдох сойуо
                         Обот хоҥсоор удьуордарыттан
                         Күнү-ыйы бүөлүүр,
                         Күкүр таас хайаларын
                         Көөһөнөр-көҥүрүйэр,
                         Өһөгөйдөөх өргөһүгэр
                         Өрүтэ үөмэлэһэн тахсаннар,
                          Көмнөхтөөх харыйа саҕа
                    710 Күлүҥнэһэ-күлүҥнэһэ
                         Көрө дьулайан
                         Салаалаах бэс саҕа
                         Сабдыҥна һ а -сабдыҥнаһа
                         С аллан - чаҕыйан,
                                         -21 —
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29