Page 25 - Неизвестное название
P. 25

Самнан-саһан,
                     Бэриҥнэһэ-бэриҥнэһэ
                     Биллимэҥ-көстүмэҥ диэн
                     Биллибэккэ-көстүбэккэ
                     Мэлийэллэр эбит.
                720     Күн аайы аймахтара
                     Көй кииннэригэр,
                     Көмүс ордууларыгар
                     Күө-дьаа кэпсэтэн,
                     Көбө-саба хаамсан,
                     Күлэ-оонньуу,
                     Күөрүү-саарыы
                     Күдьүөрүһэн-сириэдиһэн,
                     Олорбуттар эбит.
                        Били кыыс оҕолоро
                730 Оҕо Ньургустай
                     Ньирэй бэйэтэ чэччийэн,
                     Тулҕа бэйэтэ туругуран,
                     Улдьаҕай бэйэтэ улаатан,
                     Он'оойукка отонноон,
                     Тэрэкэҕэ* дьэдьэннээн,
                     Тордуйаҕа сугуннаан,
                     Туран-оонньоон улаатан,
                     Уҥуохтаах көнөтө,
                     Хааннаах араҥаһа,
                740 Дьүһүннээх үтүөтэ,
                     Быспыт курдук быһыылаах,
                     Куппут курду к курбуһахтаах,
                     Умнаабыт курдук уҥуохтаах,
                     Биилэ биэкэйэн,
                     Курбуһаҕа куодьайан,
                     Өттүгэ чөкөйөн.,
                     Санна дарайан,
                     Самыыта ласпайан,
                     Иҥэ тэтэрэн,
                750 Түөһэ томтойон,
                     Эмиийэ тэрэйэн,
                     Сүһүөҕэ субуруйан,
                     Хараҕа тырымнаан,
                     Хааһа тыргыйан,
                     Харах-хаас хамсатан,
                     Уос-тиис оҥостон,
                     Уҥуох-иҥиэх куодьайан,
                                    - 22
   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30