Page 214 - Неизвестное название
P. 214

Уруй-тускул буоллун,
                        Уруй-айхал буоллун! — диэтэ.
                  8930     Инньэ диирин кытта
                        Убайа Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
                        Утары сүүрэн кэлэн,
                        Кумуулаах соҕустук
                        Куустуһа түһэн баран,
                        Убай-балыс
                        Уураһан-сыллаһан,
                        Уоскуйан намырастылар.
                        Ү өрэн-көтөн
                        Өрөгөйдөөн турдулар.
                  8940 Өксөкү кыыл буоллаҕына
                        Тимир Сигиди бухатыыры
                        Синньигэс биилиттэн
                        Тобулу кытаахтаан ылан,
                        Таҥнары тутан,
                        Сарт кыыл курдук
                         Салыбыратан олорон,
                         Саманник диэн
                         Саҥа саҥара олорбут эбит:
                           — Дьиэ-буо, дьиэ-буо!
                   8950 Түгэх дойду түркүннээҕэ,
                        Тимир Сигиди бухатыыр
                        Аны мантан антах
                        Айыы дайдытыгар
                        Адалыйыам cvoija диэн,
                         Күн сиригэр
                         Күөдэлийиэм суоҕа диэн,
                         Мэнэгэйдээх соллоҥноргун,
                         Идэмирдээх иҥсэлээхтэргин,
                         Ол ойдом оһоллоргун
                   8960 Быстах быһылааттаргын
                         Быкгарбат гына,
                         Кубулуйар кубулҕаттаргын
                         Хомунуом диэн,
                         Ааһар бөҕө албаспын
                         Тардыныам диэҥҥин,
                         Бу үс аан дойду
                         Абааһытын атамааттарыгар
                         Аҕа баһылыктара,
                         Туллар тутаахтара,
                   8970 Суостаах тойонноро
                                        - 213
   209   210   211   212   213   214   215   216   217   218   219