Page 236 - Неизвестное название
P. 236

9960 Алын өттө хахай кыыл
                      Тирэҕэ тирэхтээх,
                      Орто өртө солуон кыыл
                      Көрүҥэ көрүҥнээх,
                      Үөһээ өртө өксөкү кыыл
                      Дьүһүнэ дьүһүннээх,
                      Икки тэбинэр
                      Бадьыр хара атахтаах,
                      Икки харбыыр
                      Хара баҕыыр илиилээх,
                9970 Икки быччайбыт
                      Эрилкэй харахтаах буолан баран,
                      Оллур-боллур уостаах,
                      Сири-саары сирэйдээх,
                      Антах ардьайбыт
                      Аһыылаах тиистээх,
                      Туттуҥ* да то§о тардыах курдук
                      Толору дуолан бэйэлээх,
                      Харбаатыҥ* да хайа тардар курдук
                      Хатан баҕыыр тыҥырахтаах,
                9980 Хадай хааннаах,
                      Хардааччы сигилиилээх
                      Харса буурай уола хаан
                      Онон тахсан муустаах буурҕанан
                      Буһугураччы сыыҥтыы,
                      Хаардаах силлиэнэн
                      Сабыта ибиирэ,
                      Омуннаах добун холоругунан
                      Уһуурбахтыы турда.
                         Билиги гынарын кытта
                9990 Кыталыктаах Кыйаадыма Эбэ хотун
                      Хотугу диэки
                      Кунустанар хонноҕуттан,
                      Кундаарар* эйгэтиттэн,
                      Хоронор кутуругуттан
                      Күтүр тайахтар
                      Күрдьүөттэһэн туралларын курдук,
                      Күрүҥ маҥаас
                      Күкүр таас тумуллар
                      Күлүк өттүлэриттэн
               10000 Куһаҕан оҕонньор
                      Хоҥкучаҕын дьаппатын курдук
                      Куллаҕай-иэллэҕэй аартык

                                     - 237 -
   231   232   233   234   235   236   237   238   239   240   241