Page 240 - Неизвестное название
P. 240
Түөлбэлээх түһүлгэтэ буолбут
Киэҥ Тумарыкы Эбэ хотун
Дьогдьойор саалыгар,
Туналыйар ньууругар,
Унаарыйар уорҕатыгар,
Олохсуйан үөскээбит
Хаалдьыгынан оонньу/р
Хара сүүрүк аттаах
10140 Хапсаҕай оҕо
Хадыат Мохсоҕол
Уоҕан оҕото
Улаан сиэр аттаах
Охсуһуулаах-мөккүөрдээх
Оҕо Удаарын диэн буолабын.
Ол тоҕо кэллэ диэтэргин
Эһиги диэтэх дьон
Уу хонноххут анныгар
Оҕолоон-биэбэйдээн ииппит
10150 Уран-нарын оҕоҕут
Сэттэ былас суһуохтаах
Нэлэмэн Куо
'Сиһин этэ сиппит,
Буутун этэ мунутаабыт
Сураҕын истэммин,
Тэллэххэ сытар
Тэҥнээх доҕор,
Хоонньуга сытар
Холоонноох доҕор
10160 Оҥостуом диэммин
Ол дойдуттан холооннооҕум,
Тэгил дойдуттан
Тэҥнээҕим буолуо диэммин,
Тиийэн кэллим.
Дьүһүммүтүн көрөн,
Сүрэхпит сөбүлэһэр,
Санаабыт таптаһар буоллаҕына,
Эйбит* ийэтэ
Айбыт аҕата
10170 Эһигини эрэнэбит.
Эдьээн Иэйиэхситэ
Эккирэтиэхтэрэ диэн,
Истиэнэ курдук
Эрэнэн турабын,
- 241 -

