Page 27 - Неизвестное название
P. 27

Холбооттоон киллэрэн,'
                      Келүйэ-миинэ оонньуур
                      Көрүдьүөстээх уол буолбут,
                     Суон уҥуохтааҕы тосту тутар,
                     Хатан харылааҕы
                     Хампы харбыыр,
                      Бөҕө бүлтэстээҕи
                      Үнтү oxcop,
                     Тардыалаһан көрөн
                 810 Тарбахтааҕы булбат,
                     Оонньоон утаалаһары билбэт,
                     Тустан тулуһары көрбөт,
                     Ириэнэҕи илдьи үктүүр,
                     Тоҥу тобулу тэбэр,
                     Быһый-сыыдам быһыылаах,
                     Күүстээх-бөдө көрүҥнээх,
                     Киһиттэн кэрэмэс,
                     Сахаттан талыы,
                     Урааҥхайтан уһулладас
                 820 Уол оҕо буолбут эбит.
                        Дуолан бухатыырдара,
                     Aga тойонноро,
                     Алаатыыр Ала Туйгун
                     Аҕыс өргөстөөх,
                     Саргылаах сардаҥалаах
                     Аламай маҥан күнүм
                     Аҥаарыйа тахсан эрдэҕинэ,
                     Аарыма алааһым
                     Араҥас далбарыттан,
                830 Ачалаах толоонуттан,
                     Аҥаарыйар хочотуттан
                     Араҥас сиэр
                     Ата барахсаны
                     Сиэтэн батыгыратан таһааран,
                     Тоҕус туллук кыылым
                     Тохтообокко дьурулуу сүүрэр
                     Дьулусханнаах дьулуо манан
                     Тусаһатын ортотугар
                     Үс моонньохтоох,
                840 Үрдүгэр өксөкүллээх
                     Оһуор ойуулаах,
                     Сиэллээх дэйбиирдээх,
                     Түөрт кэбиһэ былас
                                     - 24 -
   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32