Page 374 - Неизвестное название
P. 374

Тус ИЛИН диэки
                   Түһэн бара турда.
                   Кыталыктаах Кыйаадыма Эбэ хотун
                   Эҥээттэр эҥэлдьийэр
                   Илин мындаатын
                   Мэнээк* таба кыыллар
                   Мэлэриһэн иһэллэрин курдук
                   Мэлдьэҥэй маҥаас тумуллар
            15730 Уҥа иэдэстэрин диэкиттэн
                   Эттээх атын иэнин куһааҕын курдук
                   Эҥэрикээн-мэҥэрикээн аартык устун
                   Өрө дьэндэтэн тахсан,
                   Эрдэҕэс улар кыылым
                   Түөһүн түүтүн курдук
                   Эбирдэнэн көстөр
                   Эргийэ хара тыа
                   Ис өртүгэр эргиллэн көрбөккө,
                   Элэс гынан хааллылар.
            15740 Итинтэн ыла кинилэр
                   Иннилэрин диэки
                   Кыталыктаах Кыйаадыма Эбэ хотун
                   Тардыытыттан тахсан,
                   Ааннарыттан арахсан,
                   Ыырыттан ыраатан,
                   Үр үлгэн-күр үлгэн
                   Үрэхтэрин бастарынан
                   Өрүтэ сыыйталаан,
                   Чиэски сирдэр
            15750 Сис хайаларын чиэрэстэтэлээн,
                   Атын араас дойдулар
                   Аарыма тайҕаларын
                   Аһары дайбатан,
                   Айаннатан-дьалкытан,
                   Дьабыдьытан баран истилэр.
                      Ол курдук кинилэр
                   Чороонноох кымыһы
                   Дьалкыппат гына
                   Томоон-омоон дойдуларынан
            15760 Дьоруолатан дугутан,
                   Халыйахтаах арыыны
                   Дьалкыппат гына
                   Хамаан-имээн дойдулар устун
                   Хаамтаран халытан,
                                  - 371 -
   369   370   371   372   373   374   375   376   377   378   379