Page 376 - Неизвестное название
P. 376
Тиийэн кэллилэр.
— Аарт-татай, оҕолоор!
15810 Маннык бэйэлээх
Үтүө дойду
Үтүөмсүйэр көҕүлүгэр,
Кэрэ дойдум
Киэркэйэр таһаатыгар,
Күн өркөн уустара
Күдүөрүһэн олохсуйбатахтар,
Айыы хаан аймахтара
Арыаллаһан дойдуламматахтар,
Түбэһэ түспэтэх
15820 Болҕойон булбатах
Бэйэлэрэ эбитэ дуу,
Күдүөрүһэн олорбут
Күрүөлэрэ-хаһаалара көстүбэт,
Үмүөрүһэн үөскээбит
Өтөхтөрө биллибэт,
Эймэҥнэһэр иччилэрэ суох эбит.
Киһи кута-сүрэ хонор,
Хараҕа хайгыыр,
Санаата таптыыр,
15830 Сүрэҕэ сөбүлүүр,
Санааны сайгытар,
Сайаҕас салгыннаах
Сүрэҕи көнньүөрдэр
Сөрүүн утахтаах,
Сиэрэй күөх сэбирдэхтээх,
Нуолур күөх мутукчалаах
Сонун үтүө дойдуга
Тохтуу түһэммит
Олоро түһэн сынньанан,
15840 Аһаан-сиэн
Астынан-тотон,
Ааһыах эрэ,— дэһистилэр.
Аттарын аҕалан
Айгырыы силигилээбит
Аарыма хатыҥ төрдүгэр
Тохтотон кэбистилэр.
Бэйэлэрэ буоллаҕына
Намылҕа күөх
Чараҥ ойуур иһигэр киирэннэр,
15850 Сиэдэрэй сибэкки тэллэхтэнэн,
- 373 -

