Page 382 - Неизвестное название
P. 382

Тоҕуоруспут дойдулара буолуо.
                    Олортон биир эмэ
                    Үтүө дьүһүннээҕи,
                   Туналҕаннаах ньуурдааҕы
             16070 Суорумньулаан сирдээн,
                   Түбэһиннэриэххэ да сөп этэ.
                   Биһиги иэримэ дьиэбитигэр, •
                   Аарыма алааспытыгар
                   Аргыстаһан тиийэриҥ буоллар,
                   Талбыккын да
                   Булуоххар сөп этэ.
                   Эн аргыстаһарыҥ буоллар
                 . Аа-дьуо айанныа этибит.
                   Истиэнэ курдук
            16080 Эрэниэ этибит,
                   Тоҕоос тоҕойдоох
                   Суол ийэ тоҕойугар
                   Туохтааххыный-ханныктааххыный диэн
                   Турута тыытан хаалаары,
                   Торҕотообут соллоҥнор
                   Тоһуйбут буоллахтарына,
                   Тоһутуо этибит.
                   Оччоҕо буоллаҕына
                   Олохтоох сирбитигэр
            16090 Үчүгэйдик тиийдэхпитинэ,
                   Эйиигин бастыҥ
                   Чаллахха олордон,
                   Ac бастыҥын аһатан,
                   Иһит үрдүн иһэрдэн,
                   Күндү ыалдьыт гынан,
                   Күөкэтэн күндүлээн,
                   Сүдү хоноһо оҥостон
                   Түһүрүтүө этибит.
                   Онио тиийдэхпитинэ,
            16100 Уйгулаах урууну оҥоруохпут,
                   Ытык ыһыаҕы ыһыахпыт.
                   Онно баҕас
                   Кыстык тэтэркэй имнээх
                   Кырасыабай үчүгэй
                   Кыыс дьахталлар
                   Күөрэгэй чыычаахтааҕар
                   Элбэх буолуохтара,
                   Сулумах бэйэлээх
                                  - 379
   377   378   379   380   381   382   383   384   385   386   387