Page 383 - Неизвестное название
P. 383
Дьорохоно сотолоохтор,
16110 Субурҕа суһуохтаахтар,
Туналҕаннаах ньуурдаахтар,
Үтүө-толуу дьүһүннээхтэр,
Үөр туллуктааҕар,
Үгүс буолуохтара.
Олортон баҕас
Бэйэҥ тарбаххынан талан,
Сөмүйэҕинэн сүүмэрдээн,
-Сөбүлүү көрбүккүн,
Таптыы санаабыккын
16120 Талан ылыаҥ этэ.
Онно тиийэриҥ буоллар,
Дьоһуннаах доҕорбор
Туналҕаннаах ньуурдаах бастыҥын
Туора куустаран,
Кырасыабай кыыс бэрдин
Кыбыннаран баран,
Күндү үтүө
Күтүөт оҕо быһыытынан
Айхаллаан-уруйдаан,
16130 Атаарыа этибит.
Аҥардам бухатыыр,
Атаһым барахсан,
Туох дииргин
Толкуйдаа эрэ, — диэтэ.
Онуоха
Аҥардам абааһы уола
Сөбүлээн сөтөрүс гынна,
Ылынан ырдьах гынна,
Саҥа аллайан
16140 Сатаарыйа турда:
— Буойака, буойака!
Солоҥдо тураҕас аттаах
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө,
Дьоһуннаах үтүө доҕорум,
Эттэҕиҥ эриэккэһин,
Саҥардаҕыҥ талбатын,
Сүбэлээтэҕиҥ сөбүн.
Ама итини
Туох бэйэлээх
16150 Сөрүөстүгэс сүрэхтээх
Сөбүлээбэккэ төттөрү этиэй?
- 380 -

