Page 448 - Неизвестное название
P. 448
18990 Күүстээх-уохтаах
Күөнтэ Хара бухатыыр
Аан дойдуга
Аҥардастыы аатырбыта,
Туруу бараан дойдуга
Соҕотоҕунан сураҕырбыта,
Хатан биилээх хайа дайбаабат,
Торҕо биилээх тоҕо тоҥсуйбат,
Оһоллоох сутуруктаах
Охсон уйадыппат,
19000 Чиҥ тиҥилэхтээх,
Тэбэн сиэкиниппэт,
Бөҕө түөстээх
Бөҕөстөһөн бүдүрүппэт,
Быстах быһылаантан быыһанар,
Ойдом оһолтон ордор
Уола хаан буолуохтаах этэ.
Ол обургу дьаалы
Утары турбуттары
Уулаах отон курдук үлтү,
19010 Иннигэр түбэспиттэри
Иэдьэгэй курдук
Илдьи тэпсэр
Эр бэрдэ,
Элик үтүөтэ,
Кини сурахтааҕа.
Киэҥ халлаан
Кытыгырас баранаахтара
Кыбынан кууһан куоттарбыттара
Буолуо диэххэ,
19020 Көстөр сулумах
Кыыс оҕо буолбатах.
Буурҕаҕа-тумаҥҥа
Муммута буолуо диэххэ,
Моҕотох оҕо* буолбатах.
Ол эн убайыҥ обургу дьаалы
Ыыра ырааппыта,
Хардыыта кэҥээбитэ,
Чүөмчүтэ дириҥээбитэ,
Ханна эмэ
19030 Халлаан хапчаҕайыттан,
Сир сиксигиттэн,
Улуу дойду улаҕатыгган,
- 447 -

