Page 451 - Неизвестное название
P. 451

Бэрт сири мэккийэн,
                         Абааһы дайдытын ааһан,
                         Айыы дайдыта
                         Аралыйа чэлгийдэ.
                         Күн сирэ
                  19210 Күөгэйэ долгуйда.
                         Туналҕан күн
                         Туналыйа тыкта.
                         Кэрдиис хайалар,
                         Киэҥ тайҕалар,
                         Кэрэ бырааттар,
                         Киэргэнэн симэнэн,
                         Кэлэн истилэр.
                         Дьэс тыымпылар дэбилиһэн,
                         Чүөмпэ көлүйэлэр төгүрүһэн,
                  19220 Элгээн күөллэр элэҥнэһэн,
                         Үтүө дойдулар үтүөмсүһэн,
                         Ачалаах алаастар аҥаарыһан,
                         Сирэмнээх сирдэр сириэдиһэн,
                         Күөх хочолор күөгэһэн,
                         Уһун үрэхтэр субуллан,
                         Угуйан укуллан,
                         Түһэн бардылар.
                            Өр да айаннаабытын
                         Өтөр да айаннаабытын билбэтэ.
                  19230 Арҕара алаастаах,
                         Силлиһэ сирдээх,
                         Субуруччу толоонноох,
                         Үргүлдьү үрэхтэр
                         Үтүө дойдулар
                         Үкэринэн үтүөмсүһэн,
                         Ачанан аҥаарыһан,
                         Сирэлийэ чэлгиһэн,
                         Локуоранан долгуһан,
                         Сибэккинэн симэнэн,
                  19240 Чэлгийэ көҕөрөн,
                         Тиийэн кэллилэр.
                         Бу маннык
                         Үтүө дойдулар
                         Өрүөбэт өтөннөөх
                         Кэхтибэт кэҕэлээх,
                         Ырбат ырыа чыычаахтаах,
                         Тохтообокко дьурулуур
                                        - 452 -
   446   447   448   449   450   451   452   453   454   455   456