Page 73 - Неизвестное название
P. 73

Үтэ тобохтоох буоллаххына,
                2780 Үксэннэрэриҥ буоллар,
                      Өл хабан баран,
                      Өрүөбүт уоспун
                      Өһүлэн көрүөм этэ,
                      Буойака! — диэтэ.
                      Инньэ диирин юытта
                      Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
                      Солоҥдо тураҕас
                      Атын кутуругуттан
                      Сэттэ тыһы кылы
                2790 Сыыйа тардан ылан,
                      Кырыылаах кылыһын төбөтүгэр
                      Эрийэ тутан баран,
                      Үөһэ талбаатыы-талбаатыы
                      Саманнык диэн
                      Саҥа саҥара турбут эбит:
                         — Дьиэ-буо, дьиэ-буо!
                      Бу солоҥдо тураҕас
                      СоНОҔОҺуМ OgOTO,
                      Дьөһөгөй айыыттан
                2800 Төлкөлөнөн үөскээбитиҥ буолуо,
                      Эн сиэлиҥ, кутуругуҥ ахсаанынан
                      Сыспай сиэллээҕи
                      Сыһааҕырдан айыахтара,
                      Өрөгөй көҕүллээҕи
                      Үөрдээн тоҕуорутуохтара диэн,
                      Дъөһөгөй айыыттан
                      Төлкөлөммүтүм баара.
                      Онон эбит буоллаҕына
                      Нохсол Тойонтон
                2810 Тутуллан тоҕуоруйбут,
                      Наарай Хатынтан
                      Сиэттиһэн ситимнэспит,
                      Н элээкээн-хотоохоон
                      Аартыгын устун
                      Сэттэ уон
                      Нэлэмэн Иэйиэхсиппит,
                      Тоҕус уон
                      Дьөһөгөй айыы
                      Хотун эдьиийдэрбититтэн
                2820 Бу сэттэ тыһы кьглбытын
                      Сиэллээн- кутуруктаан,
                                     -70-
   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78