Page 77 - Неизвестное название
P. 77
Сирдээх күтүр буолуо,
Урааҥхай бөҕө орооспотох
Уодаһыннаах- ил бистээх
Обот чупчурҕан удьуордара
Оботуран туран
Олохсуйбут сирдэрэ буолуоуа,
Идэмирдээх соллоҥноох
Иҥсэ-мэнэгэй биистэрэ
Ииригирэн туран
2960 Иитилдибит дойдулара буолуо.
Таһыттан кэлбити
Тыыннаахтыы хаамтарбытынан
Тырыта-хайыта тыытар
Сытыы тыҥырахтаах,
Дэгиэлээх тиистээх
Сиэмэх киэнэ бэртэрэ буолуо,
Туораттан кэлбити
Туруорбутунан сылдьан,
Тула мустан,
2970 Торҕон бөрө курдук
Тоҕута-хайыта тыытан,
Куҥун-буутун субуйан,
Бурдурҕаччы ыстаан,
Куллурдаччы ыйыстан
Хомоһуннаах илбистээх
Көстүбэт бөҕөлөр
Күтүрдээхтэрэ буолуо,
Атын сиртэн кэлбити
Айахтарыгар түһэрэн
2980 Аһаан-сиэн кэбиһэр
Айаҕымсах киэнэ
Атамааттара буолуо.
Оннук үлүгэрдээх
Оботтоох бөҕө удьуордарын
Хатааннаах санаалаах,
Хааннаах өһөгөйдөөх
Харса дьабын
Хардааччы бөҕөлөрүн кытта
Хабырыһан-үтүрүһэн
2990 Халты аалсыһар
Хампырыйбат-үнтүрүйбэт
Халыҥ куйахтаах буоллаххына,
Сүлүһүннээх илбистээх
- 74

