Page 78 - Неизвестное название
P. 78
Нүһэр бөҕөлөрүн кытта
Күөн көрсүһэр,
Күрэс былдьаһар
Күдэн бөҕө
Күүстээх буоллаххына,
Ague уон
3000 Ааһар бөҕө албастаах,
Тоҕус уон
Куотар бөҕө кубулҕаттаах,
Дуолан хара
Бухатыырдарын кытта
Туруулаһан-охсуһар,
Тулуһар-элдьэһэр
Дохсун күүстээх буоллаххына,
Ол дойду сыналҕаннаах
Дьулаа хара суолларын
3010 Ыйан-кэрдэн биэриэм этэ,
Нойон киһиэ!
Бу сур бөрө ойоҕоһо
Килбэччи аалыллан ааһар
Суордаах суодуйа
Хаан аартык устун
Соллоҥноох түөкүнү
■ Тоҥоттоох суолун сонордоон,
Ириэнэх суолун ирдээн,
Эккирэтэн көрөөр,
3020 Сыалаах беҕө сымныыр,
Сындааһыннаах бөҕө сыыйыллар
Сындалҕаннаах сырыыта буолуо,
Хоччоххой куҥнаах кубулуйар
Хоҥнуолаах бөҕо холлор,
Үүдээһиннээх бөҕө өһүллэр
Үтүгэн дайдыта буолуо.
Эрэйгин төлөтөн,
Иэскин ситиһэн,
Сүтүккүн булан,
3030 Ситиһэн-хотуһан,
Түмэн-бараан дойдугар
Төннөөр эрэ,
Нойон киһиэ,
Буойака! — диэтэ.
Инньэ диирин кытта
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
- 75 -

