Page 79 - Неизвестное название
P. 79

Солоҥдо тураҕас атын
                       Ол суордаах суодуйа хаан
                      ' Аартык устун
                 3040 Салайа тардан кэбистэ.
                       Солоҥдо тураҕас
                       Ата барахсан
                       Төбөтө ньулбуйда,
                       Туйаҕа төгүрүйдэ,
                       Кулгааҕа ньылайда,
                       Кутуруга сыыйылынна.
                       Оноҕос курдук
                       Уунан түһэн барда,
                       Солоҥдо курдук субуруйда,
                 3050 Кырынаас курдук кыырайда.
                       Сир киэнэ
                       Дьигискэннээх-тибилгэннээх,
                       Тэбиилээх-охеуулаах
                       Нэксиэлээҕэ буолла.
                       Дойду киэнэ
                       Дьалхааннаах-анысханнаах,
                       Дабааннаах-өксөөннөөх
                       Таһыната буолла.
                       Иччитэх дайды
                 3060 Иҥнэстигэс сиксигэ буолан,
                       Иҥнэри дьиппинийэн
                       Иҥиэттэн түһэн барда.
                       Түҥкэтэх дойду
                       Түҥкүнүүр түгэҕин диэки
                       Түҥкэл-таҥхал түһэн истэ.
                       Дьэс тэриэлкэ
                       Кэлтэччи элэйбит
                       Кэлтэкэтин курдук
                       Дьэбин элэмэс ыйдаах,
                 3070 Үҥкүр күөс
                       Аанын курдук
                       Өлбөөдүйэн көстөр күннээх,
                       Барбатах балык
                       Миинин курдук
                       Барык-сарык халлааннаах,
                       Буспатах мунду
                       Миинин курдук
                       Борук-сорук дойду буолан
                       Будулуйан истэ.
                                      - 76 -
   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84