Page 90 - Неизвестное название
P. 90

3510 Map-cap ырыа,
                       Марай-сарай саҥа,
                       Киҥий-хаҥый
                       Кэпсээн буола турда:
                          — Буойа, буойака,
                       Бу түү мээчик курдук
                       Төкүнүйэн үөскээбит
                       Түмэн бараан дойдум
                       Туналҕаннаах туһахтата,
                       Дьогдьойор саала буолбут
                 3520 Күн Тэгиэримэ эбэ хотун
                       Түөлбэлээх түһүлгэтигэр
                       Төлөһүйэн үөскээбит
                       Солоҥдо турадас аттаах
                       Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
                       Хайа дайды хапчаҕайыгар
                       Ханнык бэйэлээх
                       Харбааттаах сырыыга,
                       Хаҥыл айаҥҥа
                       Халыаннык айаннатан
                 3530 Хаһылытан истэххиний,
                        Кэлэн иһэр дайдыгын
                        Кэпсиэ эрэ, нойоон!
                       Тугу сураһан
                       Сонун истээри,
                       Суолга тохтоон
                       Тоһуйдуҥ диэтэххинэ,
                       Аан бастаан
                       Ааппын-суолбун эттэхпинэ,
                       Бу уо.мардаах соллон ноох
                 3540 Отут удурҕаччы хара
                       Удьуордарыттан биистэриттэн
                       Күдэн бөҕө күүстээҕэ,
                       Холлоох бөҕө
                       Хололоһон тэҥнэспэтэх,
                       Көрбүтүн эрэ мэҥиэстэр
                       Куоһара Хара бухатыыр диэн буолабын.
                       Сүөм дайдыттан
                       Сөптөөхпүн булаары,
                       Тагил дайдыттан
                 3550 Тэҥнээхпин ситээри,
                       Сири-сибиири
                       Сиксигинэн эргийэммин,
                                       -87 -
   85   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95