Page 92 - Неизвестное название
P. 92

Хараҥайы дайбаан
                      Халтайы харбаатым,
                      Кураана.аҕы кууһан
                      Хобдох сүрэхтэнним.
                3600 Халыан абатыттан
                      Хааным хамсаата,
                      Сүлүһүннээх сүтүкпүттэн
                      Сүмэниһим куурда.
                      Тозтоттоох суолун
                      Тумйҥҥа муннардым,
                      Ириэнэх суолун
                      Тибиигэ типтэрдим.
                      Көрүгэс үтүөтэ,
                      Билигэс бэрдэ, ■ ■
                3610 Чуор кулгаахтаах,
                      Кьщаҕы харахтаах
                      Киһи бэрдэ,
                      Эн бэйэлээх буоллаҕыҥ,
                      Ханан эмэнэн
                      Кулан дьэллик уол оҕо
                      Кыыс дьахтары
                      Кыбынан кууһан иһэрин
                      Көрбүтүҥ буолаарай,
                      Сүгүннэрэн-бүгүннэрэн барбытын
                3620 Сураҕын истибитиҥ буолаарай?
                      Көрбүккүн көҥү,
                      Истибиккин илдьи
                      Кэпсиэ эрэ,
                      Этэн биэрэриҥ буоллар
                      Манньаҕын балтаччы,
                      Бэлэххин бэлтэччи
                      Биэриэм этэ,
                      Буойака! — диэтэ.
                      Инньэ диирин кытта
                3630 Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
                      Саманнык диэн
                      Саҥа саҥара турбут эбит:
                         — Дьиэ-буо, дьиэ-буо!
                      Бу сириэдийэн үөскээбит
                      Сирим үрдүгэр,
                      Хабырыйан турар
                      Халлааным анныгар
                      Холлоох боҕө

                                     - 89 -
   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97