Page 91 - Неизвестное название
P. 91

Улуу дойдуну
                      Уладатынан урбачыйан,
                      Тыһыынчаттан сыымайдаан,
                      Сүүстэн сүүмэрдээн,
                      Дьүөрэ дьүһүннээхпин
                      Сөбүлүү көрбүппүн,
                      Туналхан хара удьуордарыттан
                3560 Сытыы Чыскыйдаан диэн
                      Кырасыабай кыыстарын
                      Элбэх эккирэтиинэн,
                      Эрэй бөҕөнөн,
                      Ээх дэтэммин,
                      Сонордоһон-сонордоһон,
                      Сулуу бөҕөнү
                      Суккунан турам мы н сөп дэтэн,
                      Сөбүлэппитим баара —
                      Сүгүннэрэр күнүм,
                3570 Үтүө үлэҕим,
                      Бото болдьоҕум,
                      Субу кэлбитин кэннэ.
                      Хантан эрэ
                      Халлаан хапчаҕайыттан
                      Хатан тарбахтаах кэлэн,
                      Халты харбатта быһыылаах.
                      Сытыы тыҥырахтаах
                      Сыыһа туттарда,
                      Уҥуохтаах көнөтө умсугутан
                3580 Ойох ылан бардаҕа дуу,
                      Маҥан сирэйдээх ымсыырдан
                      Батыһыннаран бардаҕа дуу,
                      Кулан дьэллик уолаттар
                      Күүс өттүлэринэн
                      Кыбынан-кууһан
                      Күрэтэн барбыттара дуу?
                      Абакка гиэнэ
                      Аһыылаах абата буолла,
                      Кыһыы гиэнэ кыдьыктаах
                3590 Кыйбаҥа буолла,
                      Сүтүк киэнэ
                      Сүлүһүннээх-оботтоох
                      Сүүттэриилээҕэ буолла.
                      Ыйдаҥаны ытыһан
                      Ытыспын сотуннум,

                                     - 88 -
   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96