Page 371 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 371

Өлөксөй  эрэйдээх
                  Өсөһөн  лэглэрэҥнээтэ.

                  Кыһыаччытын  быһа  тэптэрэн,
                  Кылана  түстэ,
                  Хараҕа  дьирим  иирэн,
                  Хараарыс  гынна.
                  Ыг-аах  турааччылар
                  Ыстырыыстаан  бардылар,
                  Чугас  сылдьааччылар
                  Чугуруччу  асгылар.
                  «Ыыта  оҕус!»  —  диэн  ыһыытаатылар,
                  «Хэтуҥҥар  этиэхпит!»  —  диэн  куттаатылар.

                  Кыламана  саҥа  кууран  эрдэҕинэ,
                  Кыра  түннүгүнэн  уол  көрдеҕүнэ:
                  Сиидэрэп,  быһыыта,  кэллэ,
                  Сиэрэй  сонноох,  дьиэҕэ  киирдэ,
                  Уовна  Улаатынар  Охоноон,
                  Кини  ийэтэ  нолуҥнаан...
                  Үрдүк  ампаар  дьиэ
                  Үрүҥ  ааныттан
                  Хотуна  Чалыыма  тахсан,
                  Чарапчыланан  көрдө:
                  «Ханнаный  Өлөксөй?»  —  диэн
                  Хаһыытаан,  ыҥыра  турда.

                  Уол  этэ  «дьыр»  гынна,
                  Оройо  бүрүтэ  тарта.
                  «Таллан  саадьарайы  кыайан  этэрбэккэ,
                  Таһыллыах  сорум  кэллэҕэ дуу?» — диэн,
                  «Отзону  сатаан  саатаппакка,
                  Охсуллуох  муҥум  буоллаҕа  дуу?»  —  диэн
                  Куттакан,  буору-сыыһы  кымаахтаата,
                  Хороонтон  кутуйах  быгыахтаата.

                  Кырбаныыттан  булгу  куоттарар,
                  Кынаттаах  санаа
                   Кыайан  киирбэтэ;
                  Дьпнугар.  дьиэтигэр  күрэтэр
                  Дьорҕоот  өй-санаа
                  Дьулуура  кууспата.
                                   365
   366   367   368   369   370   371   372   373   374   375   376