Page 228 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 228
Мин кэллим —
Дьүкээбил уота күлүмнээх
Дьикти Хоту дойдуттан...
Мин кэллим —
Халлаан сулуһун курдук
Халыан элбэх күөллээх
Хабараан ыраах дойдуттан;
Мин кэллим —
Үрүҥ-хара түүлээдэ
Үөрдээн, үтүрүһэн үөскүүр
Үрдүк Аар тайда дойдуттан.
Мин кэллим —
Аан ийэ дойдуну
Арҕаһыттан туора быластаабыт
Алмаас таастаах дойдуттан.
Мин кэллим —
Күн күөлэһийэн тахсар
Күлүм-чаҕыл уорҕалаах
Күрүлэс көмүс дойдуттан.
Мин кэллим — тымныыттан чаҕыйбакка —
Халыҥ тыаны
Хайыһарынан хайа тыырар
Хатан-чаҕаан дьонноох дойдуттан.
Мин кэллим —
Тэҥкэ тииттэн тэҥкэ тииккэ
Тэйэн-ойон эрэр тииҥи
Кулгааҕын үүтүгэр түһэрэр
Хоһуун сааһыт дьонноох дойдуттан.
Мин кэллим —
«Аврора» эҥсилгэннээх этиҥинэн
Арбыйа-дарбыйа хардыылаабыт
Ааттаах дьонноох хотун Лена хонноҕуттан.
Мин кэллим —
Коммунизм кытыастар кыһатын
214

