Page 149 - Былыр этэ диэххэ
P. 149

сананан мунаара турдаҕына, Хотун киһи кыыһыран ыһыытаабыт.
         Сөбүн ылбыт Чочу уола күөһүн харыһыйан чоноччу туттубута
         самнан, туох эрэ куһаҕан тахсыбытын өйдөөн, ойоҕун бирикээһин
         толоро ботугуруу-ботугуруу, тахсан барбыт. Бэйэтин санаатыттан
         өлө куттаммыт хаһаайка биһиэхэ киирэр. Мин дьонум тугу да
         билбэтэх, эмис кустан сыа-арыы ньалҕарыйбыт сирэйдээх-харах-
         таах үөрэ-көтө олороллорун көрөн мух-мах туттубут, хайа куску-
         тун сиэтигит дуо диэбитин, оттон эһиги диэн утары ыйыппыттар.
         «Ээ», — эрэ диэт, үгүһү кэпсэппэккэ төттөрү ойбут. Үргүлдьү
         хотонугар тиийэн ынахтарын ыан, тиэргэҥҥэ хонуктуу анньы-
         талаабыт. Күөһүн харыһыйдар да хайыай... Үүтүн тохпут курдук
         туттан олорор эрин алы гыммыт. Ону-маны астыы түһэн дьонун
         аһаталаабыт. Сарсыарда тиэргэнигэр тахсан ынахтарын туруоран,
         наҕылыччы саахтатан хотонугар киллэрээри аанын арыйбытыгар,
         кууруссалара таһырдьа ойбуттар. «Тыый, хата өлбөтөхтөр», — эрэ
         диэн хаалбыт. Ынахтарын ыан бүтэн идэтинэн кэлиргэни өҥөй-
         бүтэ — сымыыт. Атын уйаларга эмиэ. Халаатын сиэбигэр сы-
         мыыттарын хааланан, илиитигэр үүтүн тутан дьиэтигэр үөрэн-
         көтөн киирбит. Кууруссалара өрүү-өрүү сымыыттыыр бэйэлэрэ
         бары сымыыттаабыттар. «Ээ, өлбүт кууруссалар сымыыттаабыт-
         тар...» — диэн дьиэлээх хаһаайын киэбин киллэрэн сэмэлээри
         оҥостон эрдэҕинэ, саба саҥарыллан ах барбыт. «Ол да буоллар
         хаарыан күөһү», — эппитин этэ турбут. Дьэ ити курдук Ньуурака
         сүгүн сымыыттаабат кууруссаларын сымыыттатан турар.
            Кэлин сиртэн кэллэхпинэ тойонум оҕонньор этэрэ: «Сүрдээх
         бэргэн ытааччы эбиккин, кустарыҥ төбөлөрө эрэ хампарыйбыт-
         тар». Хараҕа мөлтөөн төбөтө хампарыйбыт куһу күтүөтэ бэргэн
         туттуутугар холуйдаҕа. Кини үргээн, истээн күөскэ бэлэмниир
         киһи төһө эмэ оччо көрүөлэһэн эрдэҕэ. Иһин дьороҥҥо тоҕоро
         чуолкай. Ньуурака курдук кууруссаларга биэрэр өй суох. Төһө эрэ
         тураах, хопто итирбитин хайа киһи көрүөй.
            Сиргэ сылдьарым тохтоон, кэлин биирдэ да «Охот» сурунаал
         үөрэҕин ол кэннэ хатылаабатаҕым. Эгэ дьоҥҥо кэпсээн был-
         дьаныам дуо? Хата бу сурукка тиһэн иккистээн боруобалаан,
         бултаабатах хаастарбын бултаан, хоргуннаах миини испит саҕа
         сананным. Ыкса ыалларым бары баар курдук санаан, түҥэтэн,
         үөрбүт-көппүт сирэйдэрин харахпар ойуулаан көрө астынным.


                                                                      147
   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154