Page 155 - Былыр этэ диэххэ
P. 155

— Хонто дьэ үчүгэй, оччо үүрүллэ сылдьар гына таптарбыт буол-
         лаҕына хата сарсын «парооста» бэлэм өлө сытар тайахха тиийиэҥ.
            Барыма диэн иккиэн таҥнары сабатаастаатылар. Сарсыарда сылгы
         аһатыһан бүппүтүм кэннэ биирдэ тайахпар барарга көҥүллээтилэр.
         Төһө да өлө сытар тайахха тиийиэҥ диэтэллэр, сэрэххэ диэн, икки
         ботуруону көрдөһүү бөҕөнөн ыллым. Бэҕэһээ тайаҕым тумуһахха
         тахсыбыт сиринэн тиийбитим, тыа саҕатыттан олус иһирдьэ киир-
         бэккэ ыарыыланан сыппыт сиригэр кэллим. Хаара мууһуруор диэри
         сытыганнаабытыттан тойонноотоххо, манна хоммут. Хаарга сайып
         тохтуутунан сылыктаатахха, илин өттүгэр таптарбыта чуолкай. Мии-
         гиттэн үргүбэтэх буоллаҕына мин эрэ иннибэр туран барбыт. Бастаан
         аргыый аҕай, кэлин хоннохтоох соҕустук тамайбыт. Хаан тохторо,
         таммалыыра биллибэт. Сиһи кырыылыы барыах курдук гынан иһэн
         күөл эйгэтигэр талахтары бүрүммүтүнэн сиэҥҥэ киирэн, нөҥүө хо-
         йуу талахха тахсан, бэҕэһээҥҥи суолун быһа көтөн, сиһинэн Уйаан-
         дьы үрэҕэр киирэрдии барбыт. Мантан мин төнүннүм. Баччаларга
         өлүөр да булт үрэх талаҕын булар кэмэ. Түүнү быһа ««эмтэнэн»
         өлүөр курдук далааһыннаахтык тамайбыт булду эккирэтэн ситиэм
         суох. Ол иһин да бэҕэһээ халыҥ талах соҕотох хара суора сэтэрээ-
         биттии халаахтаан ааспыт эбит. Дьоммор тиийэн мэлийэн кэлбип-
         пин кэпсээбиппэр, иккиэн киксибит курдук итэҕэйбэттии дьиэс
         тутуннулар. Ол аата бэҕэһээ төрүт да таппатах булкун сымыйанан
         эккирэтэ сырыттыҥ ини диэн хонтоҥноон иһэн хаан-сиин буол-
         буппун өйдөөн тохтоотулар. Онон тайаҕы хараалга аҕалан хаайбак-
         кабын, икки ботуруону халтайга ытан сыыстаран турабын.
            Ол да саабыт, кэлин биллэххэ, биинтэтэ алдьанан бастакы
         эрэ ытыытыгар сыалын булар, кэнники ытыылары мээнэ үрэн
         кэбиһэр сэп эбит. Ол иһин ботуруону таах тэбэтиэхтээҕэр диэн
         икки ботуруону эрэ биэрбит, кырдьаҕас бөрө. Дьэ кыһыылаах
         саалар, төһөлөөх булду буорту гыннаттараллара. Онно холуйдах-
         ха, билигин араас талбыт саа барыта баар. Ботуруон да талбыта.
         Хата тайахпыт аҕыйаан турар. Хонто сир киһитэ ааттаах, ол мин
         табыллыбатах сырыым кэнниттэн, умналыы Кириискэҕэ тиийэн
         биир туһахха өлбүт тайах этин тиэйэн кэлбитэ. Туһах булда лап­
         па эмтийбитэ, киһи дьонноох сиргэ күөстэммэт аһа. Эмтийбит
         тайах этэ иһиттэн киһини аһатар уратылаах. Үлэ дьоно биирдэ
         эмэ дьиэбитигэр тиийдэхпитинэ дьоммут таҥаспытыгар иҥмит
         сытыган сыттан тугу аһыы сылдьарбытын тута билээччилэр. Ол
                                                                      153
   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159   160