Page 161 - Былыр этэ диэххэ
P. 161

дьукаахтаһан олоро сатыыллара. Мастыырга тиис анньар да мас
         суоҕун көрөн дьиэлээх тойон хайыҥ охсуммут. «Хайа, Маарыйа,
         биир да көссүүҥ таарыйбатах дуу, мастыыргар маһыҥ-тааһыҥ ба-
         раммыт дии», — диэн сэмэлээбиккэ холунан таҥара оҕотунуу ыр-
         байан аҕай киирбит. Биирдэрэ да таах ыыстаппатах. Кыһыылаах
         тылы кыһыахтаан биэрбит: «Барахсаны... Нохоо, хайа көссүүгүт-
         тэн холдьоҕуллан миигиннээн сиэтиҥ? Барбатах ыт сыгынаҕы
         үрэригэр дылы, тугуҥ тылай, эйигин кэлэ охсуо диэммин көс-
         сүүлэрбин тымныы ороҥҥо хоннорбут үтүөбэр уокка оттор маһа,
         ыстыыр да аһа суох олоробун», — диэн хардарбыт. Биирдэрэ ама
         дьахтарга тыл иэстээх хаалыа дуо. Бу курдук хоһоонноох буолбут:
                            Хаһаах сиэнчэр дьахтарым
                            Хантарбайдыыр Маарыйа,
                            Хаача кыыстан кэллэ диэн
                            Хабараанныыр санааҕын
                            Халбарыттан бараҥҥын
                            Харгыаттатан кулу даа.
                            Уучча сиэнчэр ойоҕум
                            Онньорбойдуур Маарыйа,
                            Уордаахыйа санааҕын
                            Уҕарыттан бараҥҥын
                            Уушиннатан кулу даа.
                            Уруккуттан уорбалыыр
                            Ошоохтууртан кэлбэтээм.
                            Көссүө-сэмэй ойоҕум
                            Көскөнньөлүүр Маарыйа,
                            Көссүүтүттэн кэллэ диэн
                            Күлбэй-салбай көрбөккө,
                            Күтүрүүргүн тохтотон
                            Күөскүн-аскын уурбахтаа.
                            Көбүөхтүүрэ орону
                            Көбүтээхтээн көрсөөхтөө. —
         диэн иэскэ хаалыа дуо. Үөхпүтэ сатанан, хайыай, хара чэйи иһээт
         да хара тыаттан мас киллэрэ айантан кэлбит табаларын охсон кэ-
         биспит.
            Маарыйа ыраас хааннаах, Оһооҕунтан төрүттээх хаһаах сиэн-
         чэр, оччотооҕу эр дьон «барахсаны» диэн силлэрин быһа ыйыс-
                                                                      159
   156   157   158   159   160   161   162   163   164   165   166