Page 166 - Былыр этэ диэххэ
P. 166

лээх, хомоҕой хоһоонноох Холлой Баабыскаһыт дуо дэтэр киһи
              буолаҥҥын дойдуҥ дьонугар иэскин төлүөҥ», — диэбит.
                 Ити курдук улуу ойуунтан эттэтэн, бэйэтин кыаҕынан ойуун
              кэрдииһигэр тиийбэккэ, Холлой Баабыскаһыт ааттаммыта. Бэйэ-
              тэ Улуу Сэмэнньэ Ойуун эттээбит ойуунабын дэнэн, онно-ман-
              на ойуумсуйар эбит. Эттэтэн ылбытынан ыараханнык оҕолонор
              дьахталлары элбэҕи өрүһүйбүтэ. Хаана бара да сытар дьахталлары
              сонно тута тохтотон, өлүүттэн өрүһүйэр дьикти идэлэммитэ, дьон
              билиниитин ылбыта. Улууска анал үөрэхтээх акушердар кэлэннэр
              мэһэйдэтэн, былааһынан бопторон тохтоппуттара үһү. Ол да гын-
              нар акушердар биирдэ эмэ ыксаан Холлойу ыҥыран көмөлөһүн-
              нэрбит түгэннэрэ баар эбит. Чукаан ойоҕо Кэтириинэ кыра киэ-
              лилээх, хойут киирэр талыылаах дьахтар бөһүөлэккэ киирбэккэ,
              үс оҕотун пиэрмэҕэ Холлой баабыскалаан төрөппүт. Ити курдук
              күннээн-күөнэхтээн дьарыктана сылдьан Таала Күөлгэ Чыркыап
              Дьөгүөссэкээн дьахтара ыалдьыбытыгар кистээн ойуумсуйан туой-
              бут ырыатын тылын кэлин миэхэ бэйэтэ суруйтарбыта.

                               Укулаат тимир ырбаахылаах,
                               Үтүө тимир үтүлүктээх,
                               Бэрт тимир бэгэччэхтээх,
                               Уот улаҕалаах уура дохсун
                               Сэпсийэ бытык сэһэн сээркээн —
                               Иҥиэттибэт иэримэ дьиэм иччитэ,
                               Айгыраабат алаһа дьиэм анала
                               Кутаалаах куоҕай холумтаммын
                               Курдуу түһэн олороммун
                               Куттаах бэйэбин кубулуппуттарым,
                               Эттээх бэйэбин эллиэбиттэрим...
                               Күтүр суолу кытары күлсэр
                               Күчүмэҕэй күммэр
                               Көрсө түһэр буолаайаҕыт.
                               Тоҕус ойуун дьулай баһа
                               Туос чабычах саҕа
                               Туллан түспүт
                               Тойон өлүүтүн суолугар
                               Суон сүллүгэс буолан
                               Туора турааччы —
              164
   161   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171