Page 100 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 100

Күөһүн оргутан таһааран баран, аанын өҥөс гынан көрбүт
            уонна: «Оҕом иһэр, ити чаллах төрдүгэр олорума, оҕом сөбүлүө
            суоҕа. Сөбүлээччитэ суох атын киһи итиннэ олорорун, кыыһы-
            рыа», - диэн ыалдьытын уларытан олоппут уонна аһаппыт.
                 Ыалдьыта аһыы олордоҕуна уола Тиит Буурай балык сүгэн
            киирэн кэлбит. Ыалдьыт Анды Баатыр бөдөҥ-садаҥ күүстээх
            көрүҥнээх киһини көрөн баран: «Дьэ, киһи ааттааҕа киһи эбик-
            кин, кыайыаххын кыайбыккын, хотуоххун хоппуккун, эйигин
            кытта күрэс былдьаһыам дуо? Ол эрээри курбун, дьэ, хайаан да
            аҕал. Курбун ылан эрэ баран барабын», - диэбит.
                 Тиит Буурай: «Олох биэрбэппин, аат-суол ылбыт бэлиэм
            буолар. Ону хайаан эйиэхэ биэриэмий? - диэн батан кэбиспит
            уонна - Ити били ааны быган турбут хайа дьахтар этэй?» - диэн
            ыйыппыт. Анды Баатыр: «Ол мин бииргэ төрөөбүт балтым», -
            диэбит. Тиит Буурай: «Дьэ ол балтыгын эрэ биэрэр буоллаххы-
            на кургун биэрэбин», - диэбит. Анды Баатыр сөбүлэспит. Тиит
            Буурай барахсан Анды Баатыр балтын ойох ылан, курун биэрэн
            кэлбитэ үһү.
                 Таҥара холоругун анна (баҕана атта) чаллах төрдө дэнэрэ
            үһү. Былыр ол анныгар олорон аһыыллара үһү.
                                            Дүпсүн. 1974 сыл, бэс ыйын 30 күнэ.
                                 87 саастаах Туомуска оҕонньор кэпсээниттэн






                               Өбүгэлэрбит туһунан

                 Былыр бу дойдуга Намынан, Суоттунан уонна Киллэминэн
            Кыргыыс төрүттээх Уһун сахалар диэн дьон бааллара үһү. Ки-
            нилэр кырдьык уһун атахтаах, уһун илиилээх, уһун синньигэс
            төбөлөөх дьон эбиттэрэ үһү. Сылгыта, ынаҕа суох, наар бул-
            дунан, балыгынан аһаан олорор дьон эбиттэр. Бэрт бор дьон
            эбиттэр үһүлэр. Араас оту-маһы, үөнү-көйүүрү барытын сиил-
            лэрэ үһү. Тоҥустары кытта бэрт эйэлээхтик, бииргэ бултаан
            олорбуттар. Кинилэр бу дойдуга хаһан кэлбиттэрэ биллибэт,
            төрүкү бааллара үһү.
                 Кинилэр дьэ бу курдук олордохторуна, соҕурууттан урааҥ-
            хайдар диэн дьон кэлбиттэр. Кинилэр сылгылаах кэлбиттэр.
            Мылаадай диэн сиртэн ынахтаах сүөһүлэрэ кыһыны туоруу-
            ра үһү. Тоҥмот, ыалдьыбат, өлбөт эбиттэр. Сүрдээх бор, кэрэ

                                           98
   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105