Page 99 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 99

Тиит Буурай дьоно сэниэ, кыанар ыал эбиттэрэ үһү. Сорох
            дьон кэпсээнинэн, кинилэртэн оҕо диэн ол соҕотох Тиит Буу-
            рай эбитэ үһү.
                 Тиит Буурай улаатан, сааһын ситэн баран барыан-кэлиэн
            олус баҕарбыт. Инньэ гынан, биирдэ дьонуттан, «тэһийбэтим-
            тулуйбатым, кэлиэхпин-барыахпын баҕардым» диэн көҥүллэ-
            тэн өрүс уҥуор Дыгын олоҕор ыҥыыр атынан күүлэйдии
            барбыт. Билиҥҥи Суотту соҕуруу өттүнэн билиҥҥитэ Мэҥэ
            сиринэн Хаҥалас хайатыгар туоруур сир баара үһү. Кини ол
            диэки өрүс хочотун устун баран иһэн аара биир ыалга тиийэн
            кэлбит уонна атыттан түспэккэ эрэ сэргэ аттыгар атын тох-
            топпут. Онуоха буор балаҕан иһиттэн биир үчүгэй дьүһүннээх
            эдэр дьахтар халҕаны сэгэтэн баһын быктаран көрбүт. Онуоха
            Тиит Буурай ыйыта тоһуйбут: «Хаҥаластыыр суол манан дуо?»
            - диэн. Дьахтар манан диэбит. Ол икки ардыгар дьиэттэн биир
            толуу бухатыыр көрүҥнээх киһи батыйалаах тахсан кэлбит
            уонна: «Бу хайа ааттаах киһи, миигин аанньа ахтымнаҕын,
            дьиэбэр киирэн тахсыбаккын? Амныалыы санаабыт буола-
            буолаҕын, мин үтүө ааппын истэ-билэ илик оҕочооскун дуу,
            чолоҕор!» - диэбитинэн тиийэн кэлбит.
                 Сонно Тиит Буурай атыттан ыстанан түспүт, онуоха ана-
            раа киһитэ батыйанан төбөтүн оройунан түһэрбит. Тиит Буу-
            рай батыйатын тоһуйан биэрбитигэр анараа киһи батыйата
            булгу барбыт. Ону ол диэбэккэ анараа киһи кыырт курдук Тиит
            Буурайга хатана түспүт да хапсаҕайдаһан барбыттар.
                 Өр-өтөр гымматах, Тиит Буурай киһитин өттүгүн иэнинэн
            сиргэ ибили бырахпыт уонна киһитин икки сарыы икки тү-
            нэ икки кылгас икки ыстаанын ойо таппыт. Өттүгүн эттэри
            баҕастары ыстаан курдары ибили тутан кэбиспит. Охторо сы-
            тыаран киһитин туруорбакка эрэ сүөһү иэнин иҥииринэн
            оҥоһуллубут курун сүөрэн былдьаан ылбыт уонна ол курдук
            барбыт. Кыайтарбыт киһи эмиэ ааттаах-суоллаах Анды Баа-
            тыр диэн эбит. Курун көрдүү сатаабыт да киһитэ биэрбэтэх.
            «Аат-суол илдьэ барбыт (барар) бэлиэм буолар», - диэбит.
                 Анды Баатыр уһун сайыны быһа ыарыыланан сыппы-
            та үһү. Күһүнүгэр дуу, нөҥүө сылыгар сайын дуу Тиит Буурай
            ийэтэ дьиэтигэр соҕотоҕун олордоҕуна биир улаан аттаах
            киһи тиийэн кэлбит. «Тиит Буурай манна олорор дуу? Эн кини
            ийэтэ буолаҕын дуу?» - диэн ыйыппыт уонна чаллах төрдүгэр
            остуолга баран олорбут. Онуоха эмээхсин: «Тиит Буурай ийэтэ
            мин буолабын, оҕом балыктыы барбыта, сотору кэлиэҕэ, күүтэ
            түс. Мин күөспүн өрүүм», - диэбит.
                                           97
   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104