Page 95 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 95

Кэпсээн итинэн бүтэр. Ол гынан баран, бу кэпсээн кэпсээн
            буолбут түбэлтэтэ диэн: Киппирийээн ол хааһына харчытын кэ­
            лин да төлөөбөккө, таах сиэн кээспитинэн уонна биир түүнүнэн
            солбук аттарынан Тулунаттан Бөрөлөөҕүнэн эргийэн Тулунаҕа
            төттөрү суһаллык тиийбит айана уонна итинник албаһынан бу-
            руйтан куоппута буолар.
                                             Дүөндү. 1974 сыл, бэс ыйын 30 күнэ.
                                  87 саастаах Туомуска оҕонньор кэпсээниттэн




                                         Бээди
                 Билиҥҥи Дүпсүн сиригэр Бэрт Бээди диэн ааттаах алаас
            баар. Бу сир тоҕо Бээди дэммитин туһунан маннык кэпсээн
            баар. Былыр Бээди чугаһыгар Мыла үрэҕин диэкинэн олорор
            биир эдэр уол киһи Тааттаттан дьахтар сүгүннэрэн кэлбит.
            Ол кэлэн Бээди хоту дуу, илин дуу өттүнэн киирбиттэр уонна
            эр киһи дьахтарыгар Бээдини көрдөрбүт. Онно дьахтар туран
            эрэн Бээдини эргиччи одуулаан көрөн баран «Бэдэрдээх Бээди
            диэн ааттаныан сөп эбит» - диэбит үһү. Онтон ыла ити киэҥ
            алаас Бээди дэммитэ үһү. Ити иннинэ туох ааттааҕа биллибэт.
                 Сирдэр ити курдук саҥардыы ааттаныылара сахалар бу
            дойдуга адьас саҥардыы кэлбиттэрин туоһулуур.
                                             Дүөндү. 1974 сыл, бэс ыйын 30 күнэ





                                   Дара бухатыыр
                 Билиҥҥи Байаҕантай нэһилиэгэр Дараҕа үрэҕэ диэн баар.
            Бу үрэх аата киһи аатынан ааттаммыт. Бэрт былыр ити үрэххэ
            Дара диэн дарайбыт кэтит сарыннаах, олус үрдүк уҥуохтаах
            бухатыыр олорбута эбитэ үһү. Кини олорбут кэмэ Майаҕатта
            Бэрт Хара саҕана эбит. Бу киһи эмиэ балыксыт идэлээх эбит.
            Үксүн балыгынан иитиллэн олорбут. Кини төрдө диэн ман-
            нык: билиҥҥи Хоро сиригэр Чыраанай диэн ортотугар булгун-
            ньахтаах үрэх баар эбит. Ол булгунньаҕы оройун дьөлө хаһан,
            сир анныгар дьиэ оҥостон биэс бииргэ төрөөбүт ини-биилэр
            бииргэ олорбуттар. Кинилэр ханнык эрэ ийэ ууһун (аҕа ууһа
            буолбатах) оҕолоро эбиттэр. Кинилэр атын сиртэн кэлбиттэр.
            Хантан кэлбиттэрэ биллибэт. Ол саҕана бу дойдуга тоҥус элбэх
                                           93
   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100