Page 101 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 101

дьүһүннээх сүөһүлээхтэрэ үһү. Сүөһүлэрин иччитэ Мылахсын
            диэн эбит. Ол соҕуруу олорбут Мылаадай диэн сирдэрин ааты-
            нан эбит.
                 Кинилэр кэннилэриттэн сотору буолаат соҕурууттан Ды-
            гын диэн баһылыктаах мас сахалар диэн дьон кэлбиттэр. Мас
            сахалар Дэхси Дархан иннинэ атын хааҥҥа (Хан) бас бэринэн
            олорбуттар. Мас сахалар бу дойдуга кэлэн баран урааҥхай-
            дар дьахталларын, кыргыттарын ойох ылбыттар. Тоҥус кыр-
            гыттарын сахалыы билбэт атын омук диэннэр ойох ылбаттар
            эбит. Оттон урааҥхайдар тоҥустары кытта эр-ойох буолаллара
            үһү. Онтон сылтаан сахалар тоҥус кыргыттарын ойох оҥостор
            буолбуттар. Саханы кытта холбоспут тоҥустар тылларын ум-
            нан иһэр эбиттэр. Мас сахалар бу дойдуга кэлэн баран тоҥуста-
            ры тоҥ уостар диэн хос ааттаабыттар, ол сахалыы билбэттэр
            диэнтэн буолбут. Мас саха диэн бу дьиҥ саха диэн суолталаах
            буолара үһү.
                 Дыгын тойон аҕалтаабыт сахалара нууччалар кэлиэхтэ-
            рин икки сүүс сыл иннинэ кэлбиттэр, оттон саамай кэнники
            сахалар саха дыгына төрүөн үс киһи үйэтин иннинэ кэлбиттэр.
            Ол сүүс сылы кыайбат. Көлүөнэнэн аахтахха саха кэлиитэ онон
            бүппүт.
                 Урааҥхайдар сүрдээх булчут дьон эбитэ үһү. Кинилэр
            күһүн тыаҕа тахсан, тайахха туһах баайаллара үһү. Тиийэн
            тииккэ баайан уонна атынан сылдьан тайаҕы хаайан, күөйэн
            үүрэн аҕалан туһахха түһэрэллэрэ үһү. Оннук бултууллара
            үһү. Күөлгэ балыгы кутан үөскэтэллэригэр балыктаах иһити
            тымтайы, чабычаҕы күөл кытыытын диэки иҥнэри тутан ууга
            ыыталлара үһү. Күөл үөһүн диэки тымтайы иҥнэри туппаттар
            эбит. Ол балык кытыы диэки тахса турдун, тууга, ардьаҕа кии-
            рэ турдун, аһаттын диэн өйдөбүллээҕэ үһү. Ити куталларыгар
            аһатан алгыыллара үһү. Кытыыга кэлэ тур, аһат, үөскээ диэн.
                 Урааҥхайдар үксүн Нам, Киллэм диэкинэн олорбуттар.
            Ол иһин онно сүөһү, сылгы элбэҕэ үһү. Кэнники хойут, хас
            да көлүөнэ буолан баран, дүпсүннэр, бороҕоттор, мэҥэлэр,
            бүлүүлэр (сахалар ити сирдэргэ тарҕанан олорбуттар) сүөһүнү,
            сылгыны былыр наар Намтан уораллара үһү уонна дойдулары-
            гар илдьэн үөскэтэллэр эбит. Урааҥхайдар бэрт бор дьон эбит-
            тэр. Тугу барытын сииллэрэ үһү. Биир таптыыр астара маттаҕа
            эбитэ үһү. Ол аата күтэр. Былыр маттаҕа диэн күтэри ааттыыл-
            лар эбит.



                                           99
   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106