Page 103 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 103
Дыгын кыайтарбыт. Элбэх киһитин өлөттөрбүт. Онуоха
эмээхсинэ: «Мин этэрбин истибэтэҕиҥ, тоҕо эрэ куһаҕан битим
тардар этэ. Маны билэн эбит. Кэбиҥ-тоһуҥ туолла ини?» - диэ-
бит. Онуоха Дыгын: «Күүстээх-уохтаах элбэх киһилээх этим. Ол
дьоммун бу буолар быабар сэрии тардан үүртэлээн, өлөттөрөн
кэбистим. Кинилэр бааллара буоллар, бу кэппин кэтиэм суоҕа
этэ», - диэн баран ытаабыта үһү.
Дыгын Хардаҕастай Бэргэн диэн улахан уоллааҕа үһү. Ол
уолун бэйэтин оннугар тойонунан Дыгынынан анаабыта үһү.
Бу уол нууччалары кытта элбэхтик сэриилэспит. Биирдэ нууч-
чалар албыннаан саҥа тутуллубут дьиэҕэ киллэрбиттэр. Онно
эрдэттэн хас да бэрэбинэни кэккэлэччи баайан оҥоһуллубут
сохсону үрдүгэр түһэрбиттэр, онно хам баттатан кини өлбүт. Бу
чахчы улахан бухатыыр киһи эбитэ үһү. Нууччалар саҥа туппут
үрдүк кириэппэстэригэр хаһыытыы түһэн баран сүүрэн тиийэн
саннынан түстэҕинэ дьиэ титирэстии, дьиһигийэ түһэрэ үһү.
Дүпсүн улууһун төрдө
Дүпсүн улууһун төрдө Дэли Дархан (эбэтэр Дэхси Дархан)
уола Сүүрдээх Дүпсүн (эбэтэр Сүрдээх Дүпсүн) диэн эбитэ үһү.
Дэли Дархан (Дэхси Дархан) икки төрөппүт уоллаах эбит. Бии-
рэ Сүүрдээх Дүпсүн диэн, иккиһэ Бороҕон Суотту диэн.
Бороҕон Суотту Бороҕон улууһун төрдө буолбут, Сүүрдээх
Дүпсүн Дүпсүн улууһун төрдө буолбут. Манна мин маннык диэн
хос быһаарыы биэрэргэ тиийэбин. Сүүрдээх уонна сүрдээх
диэн үһүйээннэргэ икки аҥы этиллэллэр. Тоҕо оннугун уонна
бу тыллар ис суолталарын, туох диэн өйдөбүллээхтэрин быһаа-
рар кыах суох.
Оттон дархаммыт Дэли Дархан уонна Дэхси Дархан диэн
тоҕо икки аҥы аатанарын эмиэ билбэппин. Аны маннык баар:
Сүүрдээх Дүпсүн уонна Бороҕон Суотту Молотой Орхон киһи
төрөппүт уолаттара этилэр диэн атын үһүйээҥҥэ кэпсэнэр. Он
тон өссө атын үһүйээҥҥэ ити уолаттар аҕалара Дэли Дархан этэ
дэнэр. Онон аҕалара икки тус-туһунан дьон буоллулар. Хайата
кырдьыгын биһиги хантан билиэхпитий? Этэр кыахпыт суох.
Дүпсүн улууһун нэһилиэктэрэ
Дүпсүн улууһа былыр аҕыс нэһилиэктээҕэ үһү: Түүлээх,
Чэриктэй, Торуой Өспөх, Баатаҕай, Найахы, Тэбиик, Өнөр, Пиэ-
рибэй Өспөх. Бу аҕыс нэһилиэк сирэ сүрдээх улахан территория
101

