Page 107 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 107

Бэрт былыр Баатаҕай, Суотту, Дүпсүн диэки сахалар урут
            олохсуйбуттара. Ол төрүөтэ онно бэс мас элбэҕэ буолар. Байа-
            ҕантай, Таатта уонна да атын сирдэр дьоно тоҥус эбитэ үһү. Ону
            тэҥэ Тааттанан, Амманан уонна да атын сирдэринэн дьүкээ-
            биллэр олоорторо үһү. Итинтэн да атын биистэр эмиэ баалла-
            ра үһү. Сахалартан ураты ол биистэр бары сахалары кытта бук-
            куһан саха буолтара үһү. Онон аҥаардас саха диэн ааттаа, биир
            тыллаах норуот хаалбыта үһү.
                 Саха омук 18-с үйэ буолуор диэри нация быһыытынан
            суоҕа. Саха норуота нация быһыытынан үөскээбит кэмэ бу 18-с
            үйэ буолар:
                 - ити саҕана кини ахсаан өттүнэн олус күүскэ эбиллибитэ;
                 - кыргыс үйэтэ олох уурайбыта, ол аата олох-дьаһах өт-
            түнэн, национальнай самочувство өттүнэн урукку биистэрдии
            самочувстволаах буолбакка, биир буолта.
                 Омоҕой баай манна кэлиитигэр сахалар диэн дьон манна
            эмиэ бааллара үһү. Кинилэр сүөһүлэрэ-сылгылара суох, наар
            булчут дьон эбиттэр. Ити, дьиҥинэн, Омоҕой дьоно буолаллар,
            бастакы кэлиилэр. Иккис сүөһүлээх Омоҕой дьоно. Биир атын
            кэпсээҥҥэ манна урааҥхайдар диэн дьон буолаллар эбит. Ки-
            нилэр Омоҕой дьоно буккуһаннар, урааҥхай саха дэммиттэр.
            Итинэн Омоҕой саха дэнэрэ кырдьык уонна Омоҕой иннинэ
            сахалар, урааҥхайдар дэнэр биир тыллаах дьон бааллара
            кырдьык.
                 Эллэй ойоҕо, Омоҕой көйгө кыыһа соҕуруу төрөөбүт кыыс
            буолар. Ону манна кэлэн Эллэй ойох ылар, онон Эллэй иккис
            иккис кэлиигэ киирсэр. Ол аата Омоҕой кэнниттэн Эллэй адьас
            сотору кэлэр.
                 Аны сахаҕа икки бэлиэ кэпсээн баар: сахалар хаһан эрэ со-
            ҕуруу кулудьума хочотугар олоро сылдьыбыттара үһү. Онтон
            илин диэки дьол-соргу көрдөһө көспүттэр. Ол көһөн иһэн Баай
            күөлтэн илин аара сэрии буолан, манна хоту көспүттэр диэн.
            Иккис бэлиэ кэпсээн маннык: Омоҕой баай ойоҕо Сайсары
            оҕонньоро өлбүтүн кэннэ оҕолорун илдьэ манна өрүскэ билиҥ-
            ҥи Дьокуускай миэстэтигэр кэлбитэ үһү. Итиннэ майгынныыр
            биир маннык кэпсээн эмиэ баар: кыргыс киһитэ Сарабаай баай
            өлбүтүн кэннэ кини ойоҕо Сайсары оҕолорун илдьэ дойдутут-
            тан бу Дьокуускай миэстэтигэр кэлбитэ диэн. Ити саха хантан
            төрүттээҕин сүнньүнэн быһаарар. Кулудьума хочотуттан Бай­
            кал илин өттүгэр тиийиигэ бүтүн үйэ да наадата буолта буолуо.
                 Хотон, дал, кыбыы, ходуһа, балбаах, күрүө, хаһаа, түннүк,
            тиэргэн, оһох, хоро, кыстык, кыс, күһүүр, сааһыыр диэннэр
                                           105
   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112