Page 90 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 90

Саамай уһун сут тоҕус сыл субуруччу буолара үһү. Саамай
            кылгас сут үс сыллаах буолара үһү. Сэттэ сыллаах сут эмиэ
            буолара үһү.
                 Саамай уһун өҥ сэттэ сыллаах буолара үһү. Саамай кыл-
            гас өҥ биир сыллаах, ол аата биир эрэ сайын үчүгэй үүнүүлээх
            буолара үһү.
                 Тоҕус сыллаах сут-кураан кэнниттэн үс, биэс сыл устата
            өҥ кэлэр. Сэттэ сыл устата бэрт дэҥнэтэн өҥ буолар. Дьэ итин-
            ник курдук өҥ икки сут икки солбуһа сылдьар үһүлэр. Сорох
            кураан дьылларга улаханнык сутууллара үһү.
                 Онон кураан кэмэ уһун, өҥ кэмнэрин кэнниттэн, ол аата
            уон иккилии сыл буола-буола кураан уонна өҥ хатылана турар
            үһү (эбит).


                      Саха сирин былыргы олохтоохторо
                 Саха былыргы сэһэнин быһыытынан орто Лена төрүт олох-
            тоохторунан эбэҥкилэр уонна дьүкээбиллэр этилэр. Бу икки
            омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта наһаа да чааста буолбатар кыр-
            гыһаллар эбит.
                 Ол олордохторуна соҕурууттан Лена устун кыргыыстар
            диэн дьон көһөн кэлбиттэр. Кинилэр сылгы сүөһүлээхтэрэ
            эбитэ үһү, ынах сүөһүлээхтэрэ биллибэт. Кинилэр ыһыах ыһал-
            лара, кымыһы оҥороллоро. Өлбүт киһилэрин тыаҕа таһааран
            сылгы хаһатынан сирэйин бүрүйэн баран ыһыах оҥороллоро
            уонна суон хаһыллыбыт дүлүҥҥэ уган баран арбахха уматан
            кэбиһэллэрэ үһү. Кинилэр ыһыах иһитин-хомуоһун, тэрилин
            оҥороллоро үһү, ырыалаахтара, олоҥхолоохторо, алгыстаахта-
            ра үһү.
                 Бу дьонтон ураты сортуоллар диэн омуктар эмиэ баалла-
            ра үһү. Кинилэр тыллара сахалыы эбитэ үһү. Кинилэр сахалар
            соҕурууттан кэлиэхтэрин инниттэн бааллара үһү. Кинилэр ба-
            лыктаан, кыыллаан, көтөрдөөн аһыыллара үһү, сүөһүлээхтэрэ
            биллибэт. Дьиэлэрэ саха балаҕанын курдуга эбитэ үһү уонна
            түннүгэ, оһоҕун турбата суоҕа эбитэ үһү. Өлбүт киһилэриндьи-
            элэрин таһыгар улахан аарыма тиит аттыгар сир үрдүгэр ууран
            кэбиһэллэрэ үһү. Өстөөхтөрүттэн саамай хорсун киһилэрин
            тыаҕа таһааран араҥастаан кэбиһэллэрэ үһү. Дьиэлэрин иһин
            күн уотун хааһахха хаалаан киллэрэн сырдаталлара үһү. Дьиэ
            иһинээҕи хараҥаны эмиэ хааһахха хаалаан таһырдьа таһалла-
            ра үһү.
                                           88
   85   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95