Page 92 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 92
куоталлара үһү. Ону хайа-хайа үөдэн баҕайыный? Хор итинник
ньиргиэри истэр буоллаҕым диэн мунаарара үһү.
Ити Дүөндүгэ таҥара дьиэтэ тутуллуон иннинэ эбитэ үһү.
Таҥара дьиэтэ тутуллан куолакал лоҥкунуур буолтун кэннэ
оччотооҕу дьон: «Бу таҥара куолакала тыаһыырын истибит
буоллаҕа, таҥараттан куттанан ол абааһылар хоту кыйданал-
ларын көрөр эбит буоллаҕа», - диэн сэрэйэллэрэ үһү. Оттон би-
лиҥҥи Дүпсүн дьоно «Бу массыына, трактор элбээн ол тыаһа
ньиргийэрин истибит буоллаҕа» - дэһэллэр.
Дүөндү. 1974 сыл, бэс ыйын 30 күнэ
Дүпсүн сахалара
Былыр Дүпсүҥҥэ сахалар суох эрдэхтэринэ маахта эбэҥ-
килэр олоорторо үһү. Дүпсүҥҥэ бастакы сахаларынан Бүлүү
диэкиттэн дуу, хантан эрэ дуу кэлбит Хотокоон аҕатын ууһа
диэн аймах-уус дьон кээлтэр. Кинилэр ынах, сылгы сүөһүлээх-
тэрэ үһү. Тоҥустар сорохторо кинилэртэн чаҕыйан чугуйан
биэртэр, сорохтор былааһан хаалтар. Дьэ ол Хотокоон аҕатын
ууһуттан ыла Дүпсүҥҥэ сахалар баар буолтара үһү.
Дүөндү. 1974 сыл, бэс ыйын 30 күнэ
Сахалар сүөһүлэрэ
Бэрт былыр сахалар ынах сүөһүнү аҕыйаҕы иитэллэрэ үһү.
Үксүн сылгы сүөһүнү хото иитэллэр эбит. Ол кинилэр ынах
сүөһүгэ оту кыайан оттооботторуттан үһү. Оту кыайа оттуур
өттө ынах сүөһүтэ син элбэх буолара үһү. Оттон кыайан оттоо-
бот өттө ынах сүөһүтэ аҕыйах, сылгыны хото иитэрэ үһү эбэтэр
сорохтор наар сылгыны эрэ иитэллэрэ үһү. Саас кулун тутар-
тан ыла биэлэрин ыан иһэллэрэ үһү.
Дүөндү. 1974 сыл, бэс ыйын 30 күнэ
90

