Page 94 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 94

Киэһэ аһыы олорон Кылыкынай хаһаахтан ыйыппыт: «Ити
            киһини аһатабыт дуо?» - диэн. Хаһаах: «Суох», - диэбит. Онон
            аһаппатахтар. Киэһэ хаһаах таһырдьа тахсыбытын кэннэ Кылы-
            кынай Киппирийээнтэн хатааһыннаах чуулаан нөҥүө ыйыппыт:
                 - Киппирийээн, дьэ бу туох айылааҕын кэбилэнэ сылдьа-
            ҕын? Хааһына харчытын сиэбиккин дуу? - диэн.
                 - Дьэ, төрүкү билэр атаһым-доҕорум, абыраа, хайдах куота-
            бын? Сүбэлээ, - диэн Киппирийээн ыйыппыт.
                 - Куортугуҥ баар дуо? - диэбит Кылыкынай.
                 -  Суох, умнан кэбиспиппин дьиэбэр - диэбит Киппири-
            йээн.
                 - Оо! Түүн хаһаах утуйбутун кэннэ уоран туран, дьиэҕиттэн
            куортуккун аҕалаар, мин ат бэлэмниэм. Сарсыарда хаһаах ту-
            руон иннинэ хайаан да манна баар буолаар. Кинээс буолан ба­
            ран хайдах куортуга суох сылдьаҕын? - диэбит Кылыкынай.
                 Киэһэ хаһаах утуйбутун кэннэ Кылыкынай дьаһалынан
            Киппирийээн солбук аттарынан Бөрөлөөххө дьиэтигэр кэлэн
            түүн куортугун ылан баран Тулунаҕа киһи туруон иннинэ тиий-
            битэ үһү. Ол тиийэн чуулааныгар сыбдыйан киирэн, Кылы-
            кынайыгар хататан баран утуйбута үһү. Сарсыарда хаһаах туран
            аһыы олордоҕуна Кылыкынай ыйыппыт:
                 - Тойон хаһаах, ити киһибитин таһааран аһаппаппыт дуо?
            - диэн.
                 - Таһааран аһат, - диэбит хаһаах.
                 Кылыкынай Киппирийээни таһааран остуол уҥуор өттүгэр
            хаһааҕы утары олоппут. Аһыы олорон Кылыкынай эппит:
                 - Тойон хаһаах, бу нэһилиэк кинээһин тутар иһэр эбиккин,
            тойону. Бэйэҥ бэйэҕинэн куһаҕаннык дьаабыламмыккын, нэ-
            һилиэгиҥ дьоно үҥсүөхтэрин сөп. Аһыйар, харыстыыр, ытык-
            тыыр баар-суох киһилэрэ. Бостуой айдаан буола сылдьыа,
            бэйэҕин эрийиэхтэрэ, ол хааһына харчытын эһиил да төлүүр
            кыахтаах киһи - диэбит.
                 Онуоха хаһаах:
                 - Ол кинээс, тойон буолар туох бэлиэлээҕий? - диэбит.
                 Онуоха Кылыкынай:
                 - Куортугуҥ ханнаный? - диэн Киппирийээнтэн ыйыппыт.
                 Киппирийээн сонун сиэбиттэн куортугун ороон таһаарбыт:
            «Бу баар», - диэбит хаһаахха.
                 - Оо! Хаһаах, айдааны оҥорбуккун! Тойону тутан иһэр эбик-
            кин буолбат дуо?! - диэбит Кылыкынай.
                 Хаһаах Киппирийээн куортугун көрөн баран онтон босхолоон
            ыытан кээстэ үһү. Тыл-өс оҥорума диэн көрдөспүтэ эбитэ үһү.
                                           92
   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99