Page 51 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 51
ро түстүм. Хайдах эрэ түҥнэри охсуллубут киһи курдук буоллум.
Санаабар, дьиэ иһэ хараҥаҕа күөгэлдьийэн ылла. Остуол баһыгар
хара суор олорорун курдук, оҕонньор күлүгэ көстөн ааста. Мин
таһырдьаны былдьастым. Онно эмиэ тыыным хаайтаран охто сыс-
тым. Маарыын хайгыы санаабыт дьиэбиттэн харса суох куотарга
бардым. Сирэйим хоту хараҥаҕа харбыалаһан истим. Кэлэйдим...
Сиргэнним... Бу аат айаҕыттан куотар эрэ өйдөннүм.
Сотору кэннибиттэн массыына уота сандаарыҥнаан тутан
ылла уонна олус ыраатыннарбакка ситэн кэллэ. Массыына иһи-
гэр олорооччулар байыаннайдар эбит. Мин илиибэр бааһырбып-
пын, онон куоракка санчааһы көрдүүрбүн эттим. «Көмөлөһүҥ»,
- диэн көрдөстүм. Дьонум бэрт түргэнник ылынан, санчааска
аҕалан биэрдилэр.
Николай Михайлович элбэх медаллааҕа уонна «Албан аат»
уордьаннааҕа. Бу уордьаны кини быстах төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэ
сылдьыыга оҥорбут хорсун сырыытыгар ылбыт. Биһиги дьоммут
өстөөх оборуонатын тоҕо түһэн баран, олус иһирдьэ киирэн хаал-
быттар. Ону быһа анньан өстөөх төгүрүйэн ылбыт. Төгүрүтүллүбүт
дьону ньиэмэстэр харса суох ытыалаабыттар. Өлүү-сүтүү төһө да
баарын иһин, биһиги дьоммут олорон биэрбэтэхтэр. Харса суох
охсуспуттар. Үгүс киһи өлбүт. Өстөөхтөртөн да олус элбэх киһи
сууллубут. Ньукулаан өлбүт дьон быыһынан сыыллан истэҕинэ,
эмискэ этэ-хаана «ньир» гына түспүт. Ол икки ардыгар ханна да
барбытын билбэккэ хаалбыт. Биирдэ өйдөнөн кэлбитэ бэйэтин
дьоно көгөҕөн эрэллэр эбит. Кини бу сэриигэ уҥа ойоҕоһун тоҕо
көтүтэн, аҥаар бүөрүн сүтэрэн, 1943 сыллаахха от ыйыгар дойду-
тун булар.
Манна да кини олоҕо ыарахан этэ. Сэриигэ барарыгар сай-
дан тигинии турбут сирэ-уота чэки-курус тымныынан көрсүбүтэ.
Арай киһи санаатын көтөҕөрө - аттыгар буомба түһэн эстибэт,
үрдүгэр буулдьа ыйылаабат. Бачча тыыннаах эргиллэн кэлэн ба-
ран, олоҕу тутуһууга туруулаһан көрөргө булгуччу быһаарынар.
Кинини ыарыы төһө да эрэйдээтэр, ону биллэрбэт бигэ санаа-
ны ылынар. Кэлээт да үлэ үөһүгэр түспүтүнэн барар, оннук да
буолуохтааҕа. Антах өстөөх дьоммутун ытан өлөрөр, манна сут,
ыарыы сордоон-муҥнаан сиир этэ.
Николай Михайловиһы дьоно-сэргэтэ үрдүктүк тутар, чиэс-
тиир этилэр. Кинилэр үлэҕэ-хамнаска төһө да санаа хоту буол-
батаҕын иһин, чиэһинэйин, көнө сүрэхтээҕин, дьон туһугар ту-
руулаһарын таба өйдүүллэрэ. Сэрии алдьатыытын оһорунуу,
47

