Page 153 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 153

Кыыһа
         Софья  Ильинич-
              на  Сивцева,
           күтүөт  Сивцев
          Семен  Новоми-
         рович,  сиэннэрэ
                 Мотрена











        тан  олус  соһуччу  суох  буолан  аймаммыппыт.  Ылдьаа  Найахыга  олордохпуту-
        на Дүпсүн  МТС-гар уонна колхуоска бастыҥ тракторист этэ.  Дүпсүҥҥэ  көһөн
        кэлэн  баран  Илья  Ильич  электростанцияҕа  дизелиһинэн,  электросварщигы-
        нан  үлэлээбитэ.  Техникаҕа  уонна  уһанар  идэҕэ  дьоҕурдаах  буолан  элбэх  ки-
        һиэхэ  арааһы  барытын  оҥороро,  көмөлөһөрө.  Ылдьаам  киһи  быһыытынан
        сытыары сымнаҕас,  маска уус,  уруһуйдуур  идэлээх буолан  ыалларга ыҥырыыга
        сылдьара.  Эмиэ  сэрии  кэмин  оҕото  буолан,  төһө  да  түөрт  эрэ  кылаас  үөрэх-
        тээх  буоллар  комсомол  уонна  хара  өлүөр  диэри  партия  чилиэнэ  этэ.
            Кыыһым  Софья  Ильинична  медучилищаҕа  үөрэнэн  эмчит  идэлээх.  Би-
        лигин  олохтоох  балыыһаҕа  акушерынан  үлэлиир.  Кэргэнинээн  Сивцев  Семен
        Новомировичтыын  уол  уонна  икки  кыыс  оҕолоохтор.  Онон  үс  сиэн  эбэтэ
        буолан дьоллоохпун!  Билигин төһө да 80 сааспын томтойо туолларбын,  оҕолор-
        бор  сүөһү-ас  көрсөн  көмөлөһөбүн,  дьиэ  ис-тас  үлэтигэр  күнү  барыыбын.
            Биһиги,  сэрии  кэмин  оҕолоро,  сэрии  тулаайахтара,  күн-дьыл  ыраатта-
        ҕын  аайы  эмиэ  аҕыйаан  иһэбит.  Бииргэ  төрөөбүт  иним  Баһылай  70  сааһын
        туолбакка  да  сылдьан,  архана  ыарыытыттан  олохтон  барбыта.  Итинник  сир-
        дойду ахсын көҕүрээн иһээхтиибит быһыылаах. СР Правительствота,  Ил Түмэн
        Россия  салалтатыгар  күүскэ  туруорсан,  биһиэхэ,  сэрии  тулаайахтарыгар,  боч-
        чумнаах  көмөнү  оҥороллорун  эрэйэбит!
            Аҕаларбыт  Ийэ  дойду  көмүскэлигэр  сырдык  тыыннарын  толук  уурбутта-
        рын  саатар  онон  боруостуо  этилэр!
                                    Анна  Васильевна  Саввина,  сэрии тулаайаҕа,  үлэ,  тыыл
                                                                ветерана,  2012 с.  Дүөндү


                        СЫЛААС  ИЭЙИИЛЭЭХ  СҮҮРЭЭН  БУОЛАН

            Аны  санаатахха,  кырдьык  даҕаны  Дүпсүн  сирэ-уота  элбэх  айар  куттаах
        дьону  иитиэхтээбит  Ытык  түөлбэ  эбит.  Ааспыт  үйэ  бүтүүтэ  1998  с.  атырдьах
        ыйын  6  күнүгэр  Дүөндүгэ  поэзия  дьоро  киэһэтэ  буолан  ааспыта.  Биһиги
        лирик-поэт Василий  Саввин  60 сааһын туолуутугар уонна кини  “Ыра —  ырыам
        ымыыта”  диэн  хоһооннорун  кинигэтин  сүрэхтэниитигэр  сылдьыбыппыт.  Поэт
        өссө  1972  с.  норуодунай  поэт  Семен  Даниловтан  биһирэнэр  кэс  тылы  ылан,
        биһиги  Баһылайбыт  киэн  ааҕааччыга  бу  үһүс  кинигэтин  бэлэхтээһинэ  этэ.
            Төһө  да  унньуктаах  уһун  ыар  ыарыыга  эмтэрэ  сырыттар,  поэт  лиричес-
        кэй  куолаһа  нарын,  эмиэ  да  күүстээх,  судургу  тылларынан  суруллубут  буо-

                                                                                     149
   148   149   150   151   152   153   154   155   156   157   158