Page 272 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 272

ИЙЭЛЭЭХ  АҔАБЫТ  ОЛОХТОРУН  САЛГЫЫБЫТ

                                    Биһиги аҕабыт  Копырин  Николай  Петрович Уус-
                                Алдан  оройуонун  Бэрт-Ууһун  нэһилиэгин  Туолай
                                диэн  алааһыгар  төрөөбүтэ.  Бу  кэрэ  айылҕалаах сиргэ
                                билигин  нэһилиэк  ыһыаҕын  ыһаллар.  Аҕабыт  икки
                                убайа Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ ыҥырыл-
                                лыбыттара. Улахан убайа Михаил Петрович сэрии бас-
                                такы сылыгар Москва аннынааҕы хаан тохтуулаах сэ-
                                риигэ  сырдык  тыына  быстыбыта.  Аччыгый  убайа
                                Сергей Петрович сэриигэ улахан баас ылан, инбэлиит
                                буолан кэлэн, кэргэннэнэн Сыырдаахха олорон 78 саа-
                                һыгар  өлбүтэ.
                                    Аҕабыт дьонноро  эрдэ  өлөннөр  сэрии,  сут-сутур-
                                ҕан  сылларыгар  олус  эрэйдээхтик  олорбуттарын  ха-
          Копырин  Николай      раастан  олорон  кэпсиир  буолара.  Онон  адьас  кыра
              Петрович          эрдэҕиттэн  “Хаҥа”  холкуоска  улахан  дьону  кытта
                                тэҥҥэ сылдьан,  “үс туманы бүрүнэн” туох баар үлэҕэ
                                сылдьыбыт. Сэрии кэнниттэн Элэһинтэн кэргэн ылан,
                                Петухова  Мария  Прокопьевналыын  10  оҕону  төрөп-
                                пүттэр.  Хомойуох  иһин,  түөрт  оҕолоро  кыраларыгар
                                өлөн дьон буолар дьылҕаламматахтар.  Ийэлээх аҕабыт
                                саастарын тухары сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбиттэрэ. Ол
                                курдук  оччолорго  “от  сии”  диэн  ааттаан  атын  нэһи-
                                лиэктэргэ  баран  кыстыыллара.
                                    1956-1957 сс. кыстыкка Байаҕантай нэһилиэгэр Ду-
                                обат Өтөҕө диэн сиргэ сүөһү көрөн кыстаан олордохто-
                                руна балтым Роза төрөөбүтэ.  Өссө Суотту уонна Чохто-
                                ох Хаҥалас  икки ардыгар баар Хатыҥ Арыы диэн сир-
                                гэ, Сыырдаахтан аҕыс биэрэстэлээх Мэкэри диэн учаа-
                                стакка хас да кыһын сүөһү көрөн кыстаабытгара.  Мии-
           Петухова  Мария      гин  1947  с.  Бычаҥ  диэн  алааска  олорон  төрөппүттэр.
             Прокопьевна
                                Дьонум  бөһүөлэккэ  кыстаабат,  наар  сүөһү  көрөн  кыс-
       тыктарынан олорор буолан,  “0”  кылаастан бөһүөлэккэ ыалларга уонна интэри-
       нээккэ олорон үөрэнэн  10 кылааһы бүтэрбитим. Дьонум улахан кыыстара Клав-
       дия сайылыкка тахсан олордохторуна төрөөбүт.  Роза,  этиллибитин курдук, Тан-
       даҕа кыстаабыт сылларыгар күн сирин көрбүтэ.  Быраатым  Ньукулай эмиэ кыс-
       тыкка  олордохторуна  төрүүр.  Оҕолортон  бырааппыт  Петр  уонна  кыра  балты-
       быт  Маша эрэ дьоммут бөһүөлэккэ киирбиттэрин  кэннэ төрөөбүтгэрэ.
           Аҕабыт  Николай  Петрович  коммунистическай  партия  чилиэнэ  буолан
       ханнык баҕарар  үлэни  толорор  этэ.  Кини  сайынын  бастайааннай  сүөһү  бос-
       тууга,  кыһынын  сүөһү  көрөөччү  эбэтэр  хотон  тас  үлэһитэ  буолара.  Ийэбит
       Мария  Прокопьевна сааһын тухары  ыанньыксытынан  үлэлээн  пенсияҕа тах-
       сыбыта.  Аҕабыт  эдэрчи  сылдьан  ыар  ыарыыга  ыалдьан,  1967  сыллаахха  саас
       олохтон  бараахтаабыта.  Онтон  ыла  ийэбит  соҕотоҕун  үлэлээн  биһигини  ба-
       рыбытын  көрөн-истэн,  үөрэхтээн,  ыал  оҥортоон,  1990  сыллаахха  балаҕан
       ыйыгар  сырдык  тыына  быстаахтаабыта.
           Мин  ыал  улахан  оҕото  буолан  кыра  эрдэхпиттэн  дьоммор  илии-атах  үлэ-
       һит,  көмө киһитэ этим.  Ити:  “Көмө киһитэ”,  — диэн аҕам уонна ийэм хайҕаан
       этэр  тыллара  этэ.  Ол  курдук дьиэбэр  оҕо  көрүүтэ,  титииккэ  ньирэй  аһатыыта,
       ынах этэриитэ,  бостуук аҕабар көмөлөһүү күннээҕи эбээһинэс этэ.  Оттон моҕо-
       268
   267   268   269   270   271   272   273   274   275   276   277