Page 277 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 277

дьар.  Уолбут  Эдуард ХИФУ медицинскэй  институтун  иккис  курсугар  үөрэнэ
        сылдьар.
            Билигин  кэлэн  санаатахха,  биһиги  ийэбит  Мария  Прокопьевна,  олус
        күүстээх  санаалаах  киһи  эбит.  Огдообо  хаалыаҕыттан  үлэтинэн,  биһигинэн,
        оҕолорунан,  аралдьыйан  олох  олордоҕо.  Соҕотох  ийэ  алта  оҕотун  көрөн-ис-
        тэн  атахпытыгар  туруорбута да  элбэҕи  этэр.  Төрөппүттэрбит төһө да  иккиэн
        үөрэҕэ  суох буоллаллар,  бэйэлэрин  айылгыларынан  биһигини дьон  тэҥинэн
        иитэннэр,  биһиги  билигин  бэйэбит  ийэ,  аҕа,  эбэ,  эһэ  буолан  олоробут.  Бу
        барыта  төрөппүттэрбит  үтүөлэрэ.  Кинилэргэ  махталбыт  мунура  суох!

                                                             Мария  Николаевна  Егорова,
                                                                      Хомустаах,  2012  с.

                        ОЛОҔУМ,  ҮЛЭМ  ДЬОН  УЙГУТУН  ТУҺУГАР

                   Улуус  киинигэр  Бороҕонко  киирдэхпинэ  дьаһалта  дьиэтигэр,  бэрт
               быыкайкаан хоско улэлии олорор  “ветераннар субэлэрин  ”түгэн эрэ көһуннэр
               өҥөйөммун сороҕор аҕыйах тылынан бырахсан, ардыгар мунньулла сылдьар
               санаабын-онообун этэн-тыынан  ааһааччыбын.  Биир  оннук  тугэҥҥэ  М.И.
               Василъева  киирэн  олороругар  түбэспитим.  Кини,  Хомустаахха  бэс  чагда
               быыһыгар  даачалаах  буолан,  сайын  ахсын  тахсан  сайылыырын уруккут-
               тан  да  билэрим.  Марфа  Ильинична  кэлбит  наадатын  быһаарсан,  тахсан
               барбытын эрэ кэннэ,  өй ылан кини аҕалбыт суругун ылан көрбүтүм уонна
               бу кинигэҕэ киириэн сөптөөх олоҕу олорон кэлбит,  сэрии кэмин  эмиэ биир
               оҕото  эбит  диэн  сыаналаан,  салгыы  билсэн,  ахтыытын  кэҥэттэрэн,  бу
               кинигэбэр  киллэрдим.

                       Сэрии  ыар  содулун  эппинэн-хааммынан  билбитим
            Аҕам Ылдьаа Сэмэнэбис Баһылайап,  Бээрийэ нэ-
        һилиэгин  олохтооҕо,  1935  сыллаахха баара-суоҕа мин
        биир саастаахпар өлөн,  10 сааспар диэри соҕотох ийэҕэ
        иитиллибитим.  Сэрии  саҕаламмыт  сылыгар  сэттэ  са-
        аспын  туолбутум.  Онон  атын  холкуостаахтар  оҕоло-
        рун  кытта  тэҥҥэ  сайынын-күһүнүн  от-бурдук  хому-
        уругар  үлэлэспитинэн  барбытым.  Сэрии  саҕанааҕы
        сокуон  олус  кытаанах этэ,  үлэлээбэт  киһиэхэ  нуорма
        бурдук сыыһын  биэрбэттэр.  Ол да иһин  ийэм  Варва-
        ра  Михайловна  эрэйдээх  миигин  үлэлэтэн  эрдэҕэ.
        Атын  холкуостаахтар  оҕолорун  кытта  сайынын-
        күһүнүн  от-бурдук хомууругар  оҕус  сиэтиитэ,  хорту-
        оппуйга  илиинэн уу баһан  кутуу,  бааһынаҕа тохтубут
        сиэмэни  итигэстээн  туттарыы  барыта  биһиги,  оҕолор,  үлэбит  буолара.
            Билигин  даҕаны  хайдах  курдук  аччыктыырбын,  сылайарбын,  куйааска
        төбөм  ыалдьарын  санаатахпына,  чахчы  да  ыар  олох  кэлэн  ааспыт  эбит.
        Кыһыҥҥы  кыстык  ферматыгар,  сүөһү  көрөр  ийэлэрдээх  оҕолор  хотоҥҥо
        тымтык  уматан  көмөлөһөрбүт.  Аны  дьиэбитигэр  киирдэхпитинэ  ийэлэрбит
        фроҥҥа  итии  таҥас  тигэллэрэ.  Үксүн  куобах  тириититтэн  үтүлүк,  кээнчэ,
        бэргэһэ тигэллэрэ.  Ол  тириини  имитии  биһиги,  дьиэҕэ  олорор  оҕолор,  үлэ-
        бит  буолара.  Ийэлэрбит  эрэйдээхтэр,  эмиэ  үлэлэрин  кэнниттэн,  этэрбэс
        18  Заказ №  52
                                                                                    273
   272   273   274   275   276   277   278   279   280   281   282